Бүддьүөккэ аһаҕас истии буолуоҕа

Хаартыска: Саха парламент саайта

Дьаһалга  олоҕуран, бэс ыйын 11 күнүгэр, парламент дьоҕус саалатыгар Ил Түмэн бүддьүөккэ үпкэ-харчыга уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтигэр “2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туолуутун туһунан отчуоту бигэргэтэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин 109-7 №-дээх сокуонун барылын туһунан” тиэмэҕэ  аһаҕас истии ыытыллыаҕа.

Санатан эттэххэ, судаарыстыба бүддьүөтүн туолуутун туһунан отчуот “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн тутулун туһунан“ сокуон 62-с, 63-с ыстатыйаларын ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн бэлэмнэннэ. Сокуон барылын  Ил Түмэн саайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп диэн Ил Түмэн пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

Ааптар: Саха парламент саайт.

This post was published on 07.06.2024 16:01 16:01