“Азия оҕолорун” уота Булуҥҥа кэлэн барда

Бүгүн, ыам ыйын 31 күнүгэр, Аан дойдутааҕы «Азия оҕолорун» VI спортивнай оонньууларын уота Булуҥ оройуонугар кэлэн барда. Уоту СӨ биллэр альпинистката Анна Яковлева аҕалла.


Кэтэһиилээх, үөрүүлээх уоту бөһүөлэк киириитигэр «Тиксии» сурукка бочуоттаах спорт эйгэтин дьоно, спорка талааннаах оскуола оҕолоро, культура управлениетын үлэһиттэрэ көрүстүлэр.

Анна Яковлева факелы аҕалан улуус оройуонун баһылыгар Константин Шахурдиҥҥа туттарда. Салгыы Уоту бэтэрээн спортсменнарбыт эдэрдэри кытта культурнай-спортивнай комплекса диэри туппутунан сүүрэн аҕаллылар.

Тиксии бөһүөлэгин олохтоохторо, ыалдьыттара Уоту бэрт үөрүүлээхтик көрүстүлэр. Саха сирин биллэр альпинистката Анна Яковлева буолаары турар Оонньууларынан олохтоохтору эҕэрдэлээтэ. Салгыы тыл улуус баһылыгар Контстантин Шахурдиҥҥа, бөһүөлэк баһылыгар Сергей Лиджиевка, КСК директорыгар Василий Бурцевка бэрилиннэ.

This post was published on 31.05.2016 20:47 20:47