«Азия оҕолоругар» ЮНЕСКО уһулуччу айымньылара туруоруллуохтара

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар спорка күрэхтэһиилэрин сэргэ, култуурунай бырагыраамалара куруук киэҥ уонна интэриэһинэй буолар. Оонньууга кыттар омук дэлэгээссийэлэрэ үксүлэрэ бэйэлэрин култуураларын билиһиннэрэргэ кыһаллаллар.


Быйылгы «Азия оҕолоро» VI аан дойдутааҕы оонньуулар чэрчилэринэн Дьокуускайга «Олоҥхо сиригэр ЮНЕСКО шедеврдэрин көрсүһүүтэ» үһүс фестиваль ыытыллыаҕа. Бастакы фестиваль 2008 с. буолбута. Быйылгы фестивальга уонча тыһыынча көрөөччү кэлэрэ сабаҕаланар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин иһитиннэрбитинэн, фестиваль норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар култуурунай бырагыраамаларынан буолуоҕа. Фестивальга ЮНЕСКО 18 уһулуччу үчүгэй айымньыта (шедевр) көрдөрүллүөҕэ. Ол иһигэр, Куньцюй опера (Кытай), Индия Рамаян эпоһа, акыннар искусстволара — кыргыз олоҥхоһуттара, Корея пхансори эпическэй ырыата уо.д.а. Оттон Россия Забайкалье үгэс буолбут култууратынан уонна Саха сирин Олоҥхотунан кыттыаҕа.

Фестиваль Орто дойду комплекска аһыллыаҕа. Фестиваль көрсүһүүлэрэ, кэнсиэртэрэ, маастар-кылаастара, научнай симпозиумнара Дьокуускай к. камернай саалаларыгар ыытыллыахтара.

От ыйын 8 күнүгэр Саха театрын кыра саалатыгар Монголия ырыаһыта Даваасурэн Дамжин хабарҕа ырыатыгар маастар-кылаас ыытыаҕа.

This post was published on 25.06.2016 09:50 09:50