30 Алтынньы 30.10
  • -15°
  • $ 97,33
  • 105,44

"Азия оҕолоругар" кураш тустуу күрэхтэһиитэ саҕаланна

11:36, 14 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» Оонньуу чэрчитинэн кураш көрүҥэр хапсыһыы от ыйын 14 күнүгэр саҕаланна. Саха сирин хамаандатын 10 спортсмен көмүскүө. Икки түһүмэҕинэн биэс ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ. 


Бастыкы түһүмэх сарсыардаттан «Триумфка» буолла. Саха сирин хамаандата манна 45, 65 уонна 75 кг. киирсэр. Сүрүн утарсааччыларынан Туркменистан уонна Таджикистан хамаандалара буолаллар. Ити дойдуларга бу көрүҥ спортарын төрүт оонньуутунан биллэр.

«Биһиги оҕолорбут бэлэмнэрэ үчүгэй. Ташкеҥҥа бэлэмнэниини ааспыттара. Түмүк хайдах буоларын көбүөр көрдөрүө. Кыра ыйааһыҥҥа икки уолга эрэллээхпит. Ити Дьокуускайтан Артур Ефимов уонна Покровскайтан Алексей Скрябин», — диэн СИА-ҕа курашка тренер Вячеслав Кривошапкин кэпсээтэ.

Бу көрүҥҥэ мэтээл иһин 55 бөҕөс Сирияттан, Монголияттан, Сибиирдээҕи федеральнай уокуруктан, Туркменистантан, Таджикистантан, Татарстантан, Арменияттан, Казахстантан уонна Индонезияттан күөн көрсүө.

55 кг диэри уонна 75 кг үөһэ ыйааһыҥҥа киирсии от ыйын 15 күнүгэр буолуоҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА