От ыйын 7 күнүгэр «Юность» стадиоҥҥа бэртээхэй күрэхтэһии буолла. Футболга Япония хамаандата 7:1 ахсаанынан Уһук Илиннээҕи федеральнай уокуруктан ох курдук оҥостон кэлбит утарылаһааччытын «мыых» да дэппэтэ.
«Утарылаһааччыларбыт наһаа түргэттэрэ сөхтөрдө. Ол эрээри, арааһа, айантан сылайан оннуларын-сүнньүлэрин үчүгэйдик була илик буолуохтарын сөп», — диир японецтар хамаандаларын кылаабынай тренерэ Хиро Китанара.
Кини хамаандаҕа футбол сулустара Кейсуке Хонда, Юто Наготомо уонна Пак Чжи Сун холобур буолалларын этэр. «Хас биирдии эдэркээн спортсмен кинилэргэ майгылыан баҕарар. Оонньуур техникаларын билэргэ кыһаллар», — диир итиэннэ «Азия оҕолоро» Японияҕа футболистар үүнэн-сайдан тахсалларыгар улахан тирэх буоларын бэлиэтиир.
Япония футболистара былааһы ыллылар. Уһук Илин сүүмэрдэммит хамаандатын воротатыгар 13-с мүнүүтэттэн саҕалаан мээчиктэрин киллэрэн бардылар. Бу күн Шинносуке Фукуда, Ямахо уонна Тоя Накамура чаҕылхайдык оонньоотулар. Оттон кинилэр вороталарыгар, оонньообуттара 59-с мүнүүтэтигэр, биирдэ эрэ биир мээчиги Евгений Котов табан киллэрдэ.
This post was published on 08.07.2016 12:57 12:57