“Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларга тас дойдулартан 24 хамаанда, Арассыыйаттан 5 хамаанда кыттыахтара. Бу туһунан брифиҥҥэ тас сибээстэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ норуоттарын дьыалаларыгар миниистир солбуйааччыта Сергей Хатылыков иһитиннэрдэ диэн СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.
“Биһиги тас дойдулартан 24, Арассыыйаттан 5 хамаанда кыттарын күүтэбит. Барыта 2850 кыттааччыны былаанныыбыт, ол онтон спортсменын ахсаана – 2020. Саамай бөдөҥ хамаандалар Казахстантан, Кыргызстантан, Узбекистантан, Беларусьтан кэлэллэрэ күүтүллэр. Кыттааччылар успуорт 24 көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ. Кэлиҥҥи Оонньууларга сорох дойдулар сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмнииллэригэр, талан ылар турнирдары анаан-минээн ыыталлара көстөр. Кыттааччылар спортивнай маастарыстыбалара үрдээн истэҕин аайы, соччонон Оонньуулар эдэр спортсменнарга туһалаах, олохтоохторго уонна ыалдьыттарга интэриэһинэй буолан иһиэхтэрэ”, — диир Сергей Хатылыков.
Спортсменнар бары Спортсменнар дэриэбинэлэригэр – Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет кампуһугар олоруохтара. Эбийиэктэр икки ардыларыгар спортсменнар шаттл тиһигинэн сылдьыахтара.
“Тылбааска ХИФУ-ну кытта ыкса үлэлэһэбит итиэннэ VIII “Азия оҕолоро” Оонньуулар дирекцияларын кытта бииргэ Оонньуулары тылбаас үлэтинэн хааччыйарга дуогабар түһэрсибиппит. Атташе-тылбаасчыттар, эбийиэктэргэ үлэлиир уонна официальнай тэрээһиннэр тылбаасчыттара бары талылыннылар”, — диэн бэлиэтээтэ миниистир солбуйааччыта, суруйда Саха сирэ саайт.