«Азия оҕолоро»: VII-с спортивнай оонньуулары көрсө Улан Баторга бассейыны уонна спортсменнар дэриэбинэлэрин тутуохтара

«Азия оҕолоро» спортивнай Оонньууну ыытылларыгар дойду уратыта учуоттаныаҕа. Күрэхтэһии норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин президенэ Дмитрия Глушко этэринэн, Монголия тэрийэр кэмитиэти үөскэтиэҕэ, хантараакка илии баттыаҕа. Онно өрүттэр боломуочуйалара чопчу суруллуоҕа.


«Тустаах концепцияҕа спорт көрүҥнэрэ киирдилэр, итилэр истэригэр биһиги тарҕатар национальнай көрүҥнэрбит киирэ сылдьаллар. Оонньууну ыытар тэрилтэ бэйэтин баҕатынан биэс хайысханы эбэр бырааптаах. Сыл бүтүөр диэри тэрээһин үлэни түмүктүөхпүт, спорт көрүҥнэрин чуолкайдык быһаарыахпыт, спорт эбийиэктэрин Оонньууларга бэлэмниэхпит», —диэтэ Дмитрий Глушко.

Улан Баторга билигин бассейн суоҕа сүрүн кыһалҕа, ол эрээри тутуу номнуо былааннаммыт. Онтон атын инфраструктура барыта баар.

Итини таһынан Монголияҕа спортсменнарга анаммыт дьоҕус оройуон баар буолуоҕа.

This post was published on 08.07.2016 19:10 19:10