Художественнай гимнастикаҕа Саха сирин спортсменкалара бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн күрэхтэһиигэ «боруонса» мэтээлгэ тигистилэр.
Саха сирин 1 №-дээх хамаандата мээчиктээх нүөмэрин чаҕылхайдык толорон үһүс бириистээх миэстэни ылар чиэскэ тигистэ. Соҕотоҕун скакалкалаах кыттыыга Элла Крижановская эмиэ «боруонсаны» ылан үөртэ. Элла үс сааһыттан Светлана Майороваҕа, кэнники сылларга Саха сирин сүүмэрдиир хамаандатын ыстаарсай тренеригэр Татьяна Гладковаҕа дьарыктаммыт.
Кыысчаан «Азия оҕолоругар» кыттаары, Москваҕа Олимпийскай кииҥҥэ Юлия Канаеваҕа бэлэмнэммит. Элла балтараа ый эрчиллиитэ таах хаалбата. СФУо, Казахстан, Корея күүстээх спортсменкаларын кытта тэҥҥэ киирсэн мэтээлгэ тигистэ.
«Күрэстэһэргэ ыараҕан соҕус, тоҕо диэтэххэ манна күүстээх гимнасткалар кэлбиттэрэ. Ол да гыннар, куттаммытым, долгуйбутум ааһан, холкутук уонна эрэллээхтик кииристим. Маннык күрэхтэһиилэр, күүстээх утарылаһааччылар барыта атахха бигэтик туран күөн көрсөргө тирэх буолаллар», — диэтэ призер.
Күрэхтэһии судьуйата, 2008 сыллааҕы Олимпиада чемпиона Татьяна Горбунова Элла Крижановскаяны уонна Туйаара Кардашевскаяны кэскиллээх, элбэҕи эрэннэрэр спортсменкалар диэн бэлиэтээтэ.
This post was published on 08.07.2016 19:39 19:39