«Стерх» спорт комплекска от ыйын 12 күнүттэн баскетболга уолаттар күрэхтэһиилэрэ буола турар. «Көмүс» иһин Саха сирин, Монголия, Кытай, Урал, Сибиир уонна Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурук хамаандалара күөн көрсө сылдьаллар.
«Былаһааккалар толорулара спорт киһини тардарын туоһулуур. Өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо хайаатар да бу күрэхтэһиилэри көрүөхтэрин наада. Кинилэр күрэхтэһиилэри астына-дуоһуйа көрөллөрүгэр баҕарабын!», — диэн СӨ премьер-миниистирэ, «Азия оҕолоро» VI спортивнай Оонньуулары тэрийэр комитет бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова этэр.
Бастакы тыҥааһыннаах киирсиигэ Кытай баскетболистара уһук илиннэргэ 79:103 ахсаанынан хотторбуттара. Иккис оонньууга УФУо уонна СФУо хайалара да иннилэрин биэрбэккэ өр хачыктаһыы кэнниттэн, ураллар 50:46 кыайан үөрбүттэрэ.
«Москваҕа икки нэдиэлэ устата сүүмэрдэнэн, Саха сирин хамаандата 100% бэлэм. Онон кыайыыга эрэл саҕар. Биллэн турар, бары күрэхтэһиилэр судургута суох буолуохтара. Сибиирдэр, уһук илиннэр уонна ураллар күүстээх спортсменнардаахтар. Ааспыт да өттүгэр күрэхтэһэн арыт кыайар, арыт хотторор этибит», — диир Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ Степан Григоращук.
Бүгүн түмүк матчка Саха сирин хамаандата 4 очкону тута ылбыта эрээри, Монголия баскетболистара ситэ баттааннар ыксата сырыттылар. Онтон аны, Саха сирин спортсменнара иннилэрин биэрбэт санаалаах дьулурҕатык атан бардылар, устунан монголиялары 80:56 ахсаанынан кыайдылар.
Бүгүн Монголия-ДФУо – 15 чаастан, СФУо-Кытай – 17.30, СӨ – УФУо – 19.00 күөн көрсөллөр.
This post was published on 13.07.2016 15:43 15:43