«Азия оҕолоро» оонньууларга Саха сирин хамаандатыттан Иван Лапушкин самбоҕа бастакы үрүҥ көмүс мэтээли иилиннэ. Финалга Узбекистан бэрэстэбиитэлигэр хоттордо, суруйар ЯСИА.
Оттон кыргыттарга Анастасия Шевченко боруонса мэтээл ситиһиилэннэ. Кини бу киирсиигэ Казахстан бэрэстэбиитэлин кыайда.
Иван Лапушкин өрөспүүбүлүкэ иккис хамаандатын чилиэнэ. 53 кг диэри кииристэ. Манна аҕыс спортсмен баар. Уол барыта үс киирсиини оҥордо, финалга Узбекистантан Кайдарбек Уракбаевка утары таҕыста. 5:0 ахсаанынан утарылаһааччыта хотто, онон Иван Лапушкин оонньууларга бастакы үрүҥ көмүһү аҕалла.
This post was published on 26.06.2024 15:01 15:01