"Азия оҕолоро": Россия спортсменнара харбааһыҥҥа бастыҥнар

«Азия оҕолоро» күрэхтэһии чэрчитинэн харбааһыҥҥа үс күннээх күөн көрсүү түмүктэннэ. Киирсиилэр бэркэ аастылар. Сорох спортменнар бэйэлэрин маастарыстыбаларын үрдэттилэр. Бу туһунан СИА-ҕа кылаабынай судьуйа Сергей Куликов кэпсээтэ.


«Ааспыт сыллааҕы Оонньууну кытта тэҥнээн көрдөххө, ууһуттар таһымнара үрдээбит. Бу кинилэр тус кылааттара уонна тренердэр үлэлэрэ. Хамаанда ахсаана эбиллибит», — диэтэ Сергей Куликов.

Кини этэринэн, тэрийээччилэр бэркэ бэлмнээбиттэр, ордук «Чолбон» бассейн тупсарыллыбыта үөрдүбүт.

Үс күн иһигэр 32 мэтээл комплега оонньоммут. Бастыҥнар ортолоругар — Сибиирдээҕи федеральнай уокурук, Ураллааҕы федеральнай уокурук, Москва, Вьетнам уонна Гонконг хамаандалара.

«Мин олус долгуйбутум, ол гынан баран хамаандам уонна тренердэрим өйөбүллэрэ мин үс боруонса уонна үс кыһыл көмүс мэтээли ыларбар көмөлөстүлэр», — диэн Гонконг ууһута Хо Нам Вай кэпсээтэ.

Икки кыһыл көмүс мэтээллээх Москваттан кэлбит Александра Быкова этэринэн, күрэхтэһии сыаната биллибэт уопуту биэрбит, итиэннэ Азияны, Саха сирин көрдөрбүт.

This post was published on 09.07.2016 17:17 17:17