"Азия оҕолоро": Россия быһыйдара күннээтилэр

От ыйын 10 күнүгэр, Дьокуускайга «Туймаада» стадиоҥҥа «Азия оҕолорун» чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһиилэрэ саҕаланна. Бастакы күнтэн ким хайдах бэлэмнээх кэлбитэ илэ көһүннэ.


Аан бастаан кылгас дистанцияҕа сырыстылар. Кыргыттарга соһуйуох иһин, урут аата-суола иһиллибэт азербайджан спортсмена Елена Пехтерева кими да иннигэр түһэрбэккэ, 100 миэтэрэни 12,24 сөкүүндэнэн кэлэн, эрэллээхтик бастаата. Кэннигэр Таиланд уонна Филиппины биллэр-көстөр быһыйдарын хаалларда уонна улаханнык илистибитэ да көстүбэтэ.

Оттон уолаттарга Шри-Ланки спортсмена Шаликэ Саитус Верысинхэ 100 миэтэрэни 11,20 сөкүүндэнэн кэлэн, тэҥнээҕин булбата. Кини иккис, үһүс буолбут Саудовскай Аравияттан Аль Маруани Ахметы (11,24 сөк.) уонна Таиландтан Ритикаи Пакпани (11,29 сөк.) лаппа быһыйда.

400 уонна 1500 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ Россия хамаандата Казахстан, Кытай, Таиланд, Вьетнам сүүрүктэрин баһыйталаан аҥаардастыы күннээтэ. Ол курдук 400 миэтэрэҕэ саамай бастыҥ 56,52 бириэмэни көрдөрөн Ураллааҕы федеральнай уокуруктан Дарья Моисеева эрэллээхтик бастаата. Иккис – Хотугу федеральнай уокуруктан Анжелика Паренчук (56,57 сөк.), үһүс – Сибииртэн сылдьар Александра Лобанова (58,62 сөк.) буоллулар.
Мин маннык аан дойду таһымнаах улахан күрэхтэһиигэ бастакы холонуум буолан олус долгуйбутум. Бастыам эрэ дии санаабатаҕым. Ол эрээри тренерим миэхэ бастыаххын да сөп диир этэ. Үчүгэйдик эрчийбитин иһин киниэхэ махталым муҥура суох. Өссө кыра эрдэхпиттэн чэпчэки атлетикаҕа кучуйбут уонна миэхэ өрүү эрэнэр төрөппүттэрбэр эмиэ махтанабын, — диэтэ улаханнык астыммыт, дуоһуйбут көрүҥнээх саҥа чөмпүйүөн Дарья Моисеева.

Оттонуолаттарга 1500 миэтэрэҕэ Татарстантан Эдгар Захаров (4 мүнүүтэ 09,57 сөк.) бастаан, чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктэ. Сибиирдээҕи федеральнай уокуруктан Артем Попов боруонса уонна Саха сириттэн Николай Калачиков боруонса мэтээллэр хаһаайыннара буолан үөрдүлэр-көттүлэр. Саха сириттэн элбэх спортсмен кытынна эрээри, Николай эрэ бочуоттаах үһүс миэстэҕэ тигистэ.

Үрдүгү ыстаныыга биһиэннэрэ мөлтөөн биэрдилэр. Ол оннугар уһун, хатыҥыр казах, нуучча, кытай, вьетнам спортсменнара үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрөн өрөгөйдөөтүлэр.

«Азия оҕолорун» чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһиилэрин салгыы түөрт күн устата дуоһуйа көрүөхпүт.

This post was published on 11.07.2016 11:59 11:59