Остуол тенниһигэр 16 дойдуттан 52 спортсмен кытта сылдьар. Ба7ылыыр оруолу Соҕуруу Корея теннисистэрэ ылан иһэллэр.
«Уолаттарга арааһа икки бастакы миэстэни Соҕуруу Корея спортсменнара У Хен Гю уонна Чо Дэ Сон ылаллара буолуо. Уопсайынан олус күүстээх оонньооччулар кэлбиттэр. Ол да буоллар, бириистээх миэстэҕэ тиксэр инибит», — диир Саха сирин остуол тенниһигэр сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тренерэ Аркадий Иванов.
«Модуҥҥа» күрэхтэһии өссө да «оргуйан» олорор.
This post was published on 08.07.2016 19:54 19:54