«Азия оҕолоро» VIII оонньуулар саҕаланыахтарыгар диэри 100-тэн аҕыйах хонук хаалла. Бүгүҥҥү күҥҥэ мэтээллэр бигэргэтиигэ экземплярдара оҥоһулунна.
Сааһынан саамай кыра кыайыылаахха бастакы президент Михаил Николаев аатынан Кубок туттарыллыаҕа, ол туһунан спорт миниистирин солбуйааччыта Александр Бугаев эттэ.
«Наҕараада комплегар футлярдаах мэтээл, диплом, оонньуулар талисманнара, кубок киирэр. Кыайыылаахтар тренердэригэр эмиэ мэтээллэр туттарыллаллар. Кыайыылаахтар «Азия оҕолоро» кэмитиэт аатыттан оонньуулар чемпионнарын бэлиэлэрин тутуохтара», — диэтэ кини.
Маны сэргэ сааһынан саамай эдэр кыайыылаахха бастакы президент Михаил Николаев аатынан Кубок туттарыллыаҕа. Наҕарааданы Ил Дархан Айсен Николаев бигэргэппитэ.