П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар «Азия оҕолоро» VIII оонньуулар өрөгөйдөөх арыллыыларын театрализованнай көрдөрүүтүн бэлэмнэниитэ салҕанан барар. Сүрүн тиэмэнэн «Путешествие в Арктическую вселенную» буолуоҕа.
Көрдөрүүгэ айар кэлэктииптэр артыыстара кыттыахтара өрөспүүбүлүкэ 24 улууһуттан. Үс тылынан саҥарыахтара: нууччалыы, сахалыы уонна эбэҥкилии. «Биһиги Россия Арктикатын көрдөрөбүт, Россия элбэх омуктаах норуота олорор сирин-уотун, олоҕун-дьаһаҕын, култууратын, үгэстэрин. Сэттэ оҕо оонньуоҕа. Кинилэр ортолоругар нуучча, саха, татаар уонна эбэҥки омук оҕолоро бааллар. Кинилэр Арктика эргимтэтинэн айанныахтара», — диэтэ режиссер-постановщик Руслан Тараховскай.
Руслан Тараховскай бэлиэтээбитинэн, оонньуулар арыллыыларын сценарийа саха норуотун үһүйээнигэр олоҕурар. Тымныы оҕуһа уонна сылгы киирсэллэр, дьыл ханнык кэмэ уһунун быһаарсаллар — кыһын эбэтэр сайын.
Арктика кэрэ тыыннаах айылҕата көрдөрүллүөҕэ. «Сценарийынан биһиги, чуолаан, Арктика тымныыта айылҕаҕа баланс биэрэрин көрдөрөбүт. Биһиги сахалар Байкалтан Лаптевтар муораларыгар диэри планета тымныытын харыстаан олоробут», — диэтэ режиссер-постановщик.
Сэттэ эдэр артыыһы Дьокуускай куорат 20 кэлэктиибиттэн талан ыллылар. Саамай кыралара — 11 саастаах.
This post was published on 24.05.2024 14:03 14:03