Бэс ыйын 20 күнүттэн Дьокуускайга «Азия оҕолоро» оонньуулар арыллыыларын сиэригэр-туомугар «Туймаада» стадиоҥҥа бэлэмнэнии саҕаланыаҕа. Манна 3,6 тыһыынча киһи кыттыаҕа. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрээһин үлэтэ хайдах баран иһрэрин тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар көрдүлэр. Оонньуулар арыллыыларыгар кыттааччылар ортолоругар – 1,3 тыһыынчаттан тахса оҕо 64 айар кэлэхтииптэн 24 улуустан кытталлар. Кинилэр олороллоругар сэттэ эбийиэк бэлэм.
Оонньууларга анаан киэҥ култуурунай бырагыраама бэлэм. Бэс ыйын 1 күнүттэн «Россия – моя история» история пааркатыгар «Дети Азии – от идеи к истории» мультимедийнай быыстапка үлэлиир. Оонньуулары көҕүлээччи бастакы президент Михаил Николаевка ананар.
Сүрүн тэрээһиннэр бэс ыйын 27 — от ыйын 5 күннэригэр Дьокуускай куорат балаһааккаларыгар барыаҕа. Орджоникидзе уонна Доҕордоһуу болуоссаттара дьону түмүөхтэрэ.
«МАМОНТёнок-2024» VII циркэ искусствотын норуоттар ардыларынааҕы бэстибээлгэ 50-тан тахса артыыс уонна бэстибээл жюритын 10 бочуоттаах чилиэнэ Россия, Казахстаан, Беларуссия, Кытай, Монголия, Вьетнам циркаларыттан кэлиэхтэрэ.
Саха академическай тыйаатыр былаһааккатыгар бэс ыйын 28 — от ыйын 3 күннэригэр искусство Арктикатааҕы пуорумун чэрчитинэн «Желанный берег» VII норуоттар ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ буолар, тиэмэтэ — «Искусство кино и Игры «Дети Азии». 10 киинэ көстүөҕэ уо.д.а. интэриэһинэй мероприятиелар буолуохтара.
This post was published on 18.06.2024 17:01 17:01