«Азия оҕолоро» норуоттар ардыларынааҕы кэмитиэт саҥа логотибы көрдөрдө. Логотибы ребрендинныыр туһунан быһаарыыны аудиторияҕа, дизайн саҥа тенденцияларыгар сөп түбэһэр сыалтан ылыллыбыта.
СИА-ҕа ол туһунан кэмитиэт президенэ Владимир Максимов эттэ. ««Children of Asia» саҥа логотип C – Children уонна A – Asia тыллар сүрүн буукубаларын холбоһугуттан таһаарылынна. Бу үйэлээх буолуу бэлиэтэ — кэмитиэт сүрүн сыаннаһа: куруук инники дьүккүйүү уонна оҕо уонна эдэр саас спордун нөҥүө бастыҥҥа талаһыы. Логотип киинигэр спортивнай күрэхтэһиилэргэ Азия дойдуларын холбуур күн ойууланар, ыччат спортивнай өйдөбүлүн сайыннарыыга уонна иитиигэ күүс, энергия саҕар», — диэтэ Владимир Максимов.
Өҥүн быһаарыыта Саха сирин былааҕыттан ылыллар — Оонньуулар төрүттэммит сирдэрэ уонна тэрээһин ыытыллар кэмнэрин көрдөрөр: халлаан күөҕэ – кыһыҥҥы, от күөх — сайыҥҥы.