«Азия оҕолоро»: Мас тардыһыыта саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн саҕаламмыт мас тардыһыытыгар Индияттан, Монголияттан, Казахстантан, Кыргызстантан уонна Россияттан барыта 50 спортсмен күөн көрсөр.


«Мас тардыһыыта олимпийскай оонньууларга киллэриллиэн баҕарабыт. Тоҕо диэтэххэ, аан дойдуга сэҥээрэллэр, билигин 40 араас дойдуга күрэхтэһиилэр ыытыллаллар», — диир мас-рестлиҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы федерация бэрэсидьиэнэ Александр Акимов.

Ыстаарсай судьуйа Андрей Сидоров кэпсээбитинэн, «Азия оҕолоругар» аан бастакытын сорох хамаандалар анаан-минээн мас тардыһар спортсменнардаах кэлбиттэр. «Ааспыт өттүгэр бу курдук анаан оҥостон кэлии суоҕа. Дзюдоистар, самбистар, тустууктар кытталлар этэ. Оттон билигин Казахстан, Кыргызстан, Монголия анал хамаандалардаахтар, көмүс мэтээлгэ киирсэр сыаллаахтар-соруктаахтар», — диир кини.

СФУо сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ Владимир Гылыков оҕолор соторутааҕыттан ыла бу көрүҥүнэн дьарыктаммыттарын, кыайыыга эрэллээхтэрин этэр. «Мас тардыһыннара сэттэ спортсмены аҕаллым. Үс ый дьарыктаннылар. Төһө да кылгас кэмҥэ дьарык буоллар, күрэхтэһэн холоннохторуна үөрүйэхтэниэхтэрэ, сэргиэхтэрэ. Тоҕо диэтэххэ, спорт бу көрүҥэ киһини наһаа умсугутар. Манна даҕатан эттэхпинэ, мин манна, Саха сиригэр өр олорбутум уонна мас тардыһыынан сөбүлээн дьарыктаммытым»,- диэн этэр.

Күрэхтэһии «Модун» спорт комплексыгар буола турар. Бастакы күн 48, 56 уонна 68 кг ыйааһыннаахтар киирсэллэр, сарсын — 52, 62, 74 уонна 74 кг үөһэ ыйааһыннаахтар күөн көрсүөхтэрэ.

This post was published on 14.07.2016 16:09 16:09