«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы 6-с спортивнай Оонньуу бырагырааматыгар стендэҕэ ытыы быйыл киллэрилиннэ. Онон Саха сирин кыраҕы харахтаахтарын кытта күөн көрсөөрү спортсменнар Казахстантан, Татарстантан, СФУо ааттаан-суоллаан кэллилэр.
«Бэргэҥҥэ» стендэҕэ ытыыга күрэхтэһии тыҥааһыннаахтык буолла. Эрбии тииһин курдук эгил-тэгил киирсии кэнниттэн, Татарстан уонна Казахстан кыргыттара чорбойон таҕыстылар.
Икки хайысханан күрэхтэһии түмүгэр, «Скиткэ» кыайыыны Казахстан спортсменката Александра Горбачева ылла. «Үрүҥ көмүс» Елизавета Евграфоваҕа (Татарстан) тигистэ, Саха сирин хамаандатын спортсменката Саина Старостина үһүс бочуоттаах миэстэни ылары ситистэ.
«Трапка» Полина Князева (Татарстан) бастаата, иккиһи Вероника Иванова (Саха сирэ), үсүһү Екатерина Иванова (Казахстан) ыллылар.
Казахстан делегациятын тренерэ Владислав Мухамедиев стендэҕэ ытыынан Екатерина Иванова сыл аҥара, Анастасия Горбачева икки сыл дьарыктаммыттарын эттэ.
Бүгүн уолаттар стендэҕэ ытыыга түмүк күрэхтэһиилэрэ. Онно Саха сирин чиэһин алта спортсмен көмүскүү сылдьар.
This post was published on 08.07.2016 11:08 11:08