«Азия оҕолоро» Ооонньуу чэрчитинэн «Триумф» комплекска буолбут 75 киилэҕэ дылы ыйааһыҥҥа кураш тустуу финала көһүтүллүбэтэх өттүттэн буолла.
Тэҥэ суох киирсиигэ 16 саастаах казах тустууга Нурлыхан Шархан саамай күүстээх утарылаһааччыны — монгол Чиегунбаатат Натсагдоржы кыайда.
Спортсменнар 75 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа кииристилэр. Көрөөччүлэр бу икки тустуук утарыта киирсэрин кэтэспиттэрэ. Ол гынан баран ордук Монголия бэрэстэбиитэлигэр санаалара охторо. Кини бэйэтин ыйааһыныгар саамай бастыҥ этэ — финал аҥарыгар улаханнык көлөһүнүн тохпокко Туркменистан бөҕөһүн Ленар Ахметшины түҥнэрбитэ.
Финалга күүтүллүбэтэх өттүттэн киирсии буолла — бэйэтин утарылаһааччытыттан 20 киилэ чэпчэки ыйааһыннаах казах тустууга ордук туруктааҕын көрдөрдө. Трибунаттан ыһыы-хаһыы, «ыалдьааһын» биир кэм ньиргийэн олордо.
Киирсии сөҕүмэр көстүүгэ кубулуйда. Тустууктар иккиэн бүтэһиккэ диэри кыайыыга эрэ дьулустулар. Төһө да Чиегунбаатат Натсагдорж көрүҥэ улахан буоллар, Нурлыхан Шархан икки төгүл кинини лаппаахытыгар сытыарда.
Киирсии түмүгэр, 8 сөкүүндэ хаалбытын кэннэ, ити кэмҥэ ахсаан монгол туһатыгар буолбатах этэ, кыайан туттумакка, гилам тас өттүгэр таһаара сатаан казаҕы хас да үтүөлүү сатаата. Ити эрээри эдэр казах бөҕөһө итинник ньымаҕа бэриммэтэ. Онон 2:0 ахсаанынан кыайда.
«Утарсааччым олус күүстээх, олус улахан, 20 киилэнэн миигиттэн элбэх ыйааһыннаах. Мин хайдах тустуллуохтааҕын көрдөрдүм, тоҕо диэтэххэ мин кэннибэр — бүтүн казах норуота турар. Доҕотторум, чугас дьонум өйөбүллэрин биллим. Ити эрээри, кырдьык этэбин, манна кэлэрбэр кыайыам диэн санаабат этим. Билигин мин чөмпүйүөммүн! Кыайыыбын ийэбэр аныыбын, кини миигин дьиэбэр күүтэр», — диэтэ Шархан Нурлыхан.
Боруонса мэтээли бу ыйааһыҥҥа Саха сирин хамаандатыттан Руслан Худоян уонна Туркменистантан Ленар Ахметшин үллэһиннилэр.