Волейболга күрэхтэһии дойдулаах спортсменкаларга хобдох соҕустук саҕаланна. СӨ волейболга сүүмэрдэммит хамаандата Сибиир спортсменкаларыгар 0:3 ахсаанынан хоттордо.
«Арааһа, олохтоох хамаанда кыргыттара долгуйан, ыксаан хааллылар быһыылаах, техника өттүнэн сыыһаларданнылар. Ол эрээри, бастакы күн оннук улахан оруоллаах буолбатах. Онон кыргыттар кыахтарын өссө да туһаныахтара дии саныыбын», — диир күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Борис Воротилин.
Сибиир спортсменкалара бу үүнэн эрэр кэнчээри ыччакка улахан туһалаах күрэхтэһии буоларын бэлиэтииллэр. «Азия оҕолорун» Олимпиадаҕа тэҥнииллэр. «Биһиги бары тоҕус сыл тутуспутунан дьарыктанныбыт. Онон сыалбыт-сорукпут да биир. Бүгүн адьас кыһаллан үчүгэйдик оонньоотубут диэн үөрэбит уонна онтубутунан киэн туттабыт», — диэн волейболистка Вероника Шевченко санаатын эттэ.
Бу күн уралларга эмиэ ситиһиилээх буолла. Кинилэр 3:0 ахсаанынан ДФУо хамаандатын кыайдылар.
Күрэхтэһии кылаабынай судьуйатын солбуйааччы Константин Давыдов иһитиннэрбитинэн, волейболга Россияттан түөрт хамаанда, Кытайтан уонна Монголияттан биирдии хамаанда кытталлар.