От ыйын 13 күнүгэр Дьокуускайга «Триумф» спортивнай кииҥҥэ хапсаҕай күрэхтэһиитэ буолан ааста. Саха уола Сергей Каратаев 62 киилэҕэ сүрүн утарсааччыларын төкүнүтэлээн, кыһыл көмүс мэтээл хаһаайынынан буолла.
Сергей финалга биир дойдулааҕын, тэҥҥэ дьарыктанар үөлээннээҕин Вильям Ючюгаевы түргэнник уонна ыраастык хотто. Оттон Сибиир биир бастыҥ хапсаҕайдьыта Анаш Апуш, биһиги уолаттарбытыгар хотторон, боруонса мэтээлинэн эрэ муҥурданна.
«Бастатан туран, миэхэ наһаа күүскэ «ыалдьыбыт», кыайарбар эрэ баҕарбыт биир дойдулаахтарбар, хапсаҕайы таптааччыларга махтаныам этэ. Кинилэр өйөбүллэрэ миэхэ күүспэр күүс эбэн туһалаата. Утарсааччыларбын: Индия уолун уонна үһүс буолбут Сибиир бөҕөһүн, бастакынан кимэн киирэр тактикабын тутуһан, чэпчэки соҕустук кыайталаатым», — диэтэ хапсаҕайга сахалартан соҕотох «көмүстээх» чөмпүйүөммүт Сергей Каратаев.
Сибиир күүстээх тустууктара 50-тан үөһэ киилэҕэ Иши Екер Оол уонна 70-тан үөһэ киилэҕэ Домбаанай Авурал утарсааччыларын барыларын хаардыы кэһэн, чөмпүйүөн үрдүк аатын ылыахтарын ыллылар.
This post was published on 14.07.2016 12:29 12:29