11 Балаҕан ыйа 11.09
  • 12°
  • $ 91,11
  • 100,5

Гимнастка Анастасия Шибаева чемпион үрдүк аатын ылла

12:06, 08 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» Оонньууларга гимнастикаҕа күрэхтэһэ Корея, Индонезия, Монголия, Кытай, Казахстан, Армения, Кыргызстан уонна Россия үс регионун чулуулара түмүстүлэр. Тыҥааһыннаах күрэхтэһиигэ Омскай спортсменкалара инники күөҥҥэ түстүлэр. Кинилэр многоборьеҕа бөлөҕүнэн кыайыыларын сэргэ, биирдиилээн киирсиигэ икки бастакы миэстэни ылары ситистилэр. 


Анастасия Шибаева бастакы тахсыытыгар булаватын төһө да мүччү туппутун иһин, ньүөмэрин чаҕылхай көрдөрүүтүнэн многоборьеҕа чемпион үрдүк аатын ылла.  Мээчиктээх тахсыытыгар 16,85 онтон уопсай зачекка 33,1 баалланан, Кореяттан уонна Казахстантан кэлбит күүстээх утарылаһааччыларын кэннигэр хааллартаата.

Көрөөччүлэр төһө да Корея гимнасткатын Сео Гоыны уонна Ким Минжуну улаханнык хайҕаабыттарын иһин, судьуйалар кинилэргэ 15,5 баалтан ордуктууну биэрбэтилэр.

Гимнастика норуоттар икки ардыларынааҕы федерациятын ирдэбилинэн, гимнасткалар булавалара 150 граммнаах буолуохтаах. Уһуна спортсменка туттарыгар табыгастаах буолара ирдэнэр, ортотунан 520 мм тэҥ. Урут маннык тэриллэр мас эбит буоллахтарына, билигин пластиктан уонна эрэһиинэттэн оҥоһуллаллар.

Анастасия Шибаева Россия гимнасткатыгар, 2008, 2012 сыллардааҕы Олимпиадаларга художественнай гимнастика икки төгүллээх чемпионкатыгар Евгения Канаеваҕа сүгүрүйэрин этэр. Хаһан эмэ Олимпиадаҕа кыттыан баҕарар.

«Спорт бу көрүҥүнэн түөртээхпиттэн дьарыктаммытым. «Азия оҕолоругар» эйгэтэ олус үчүгэй буолан, кыттарга ураты истиҥ иэйии үөскүүр. Бастакы туурбар кыратык сыыспытым эрээри, кылаабынайа, санааны түһэримиэххэ наада. Итинник түгэҥҥэ бэйэбэр мантан салгыы хайаан да барыта үчүгэй буоларыгар кыһаллыахтаахпын диэн сыал-сорук туруорунабын», — диир кини.

«Үрүҥ көмүс» эмиэ Омскай гимнасткатыгар Анфиса Зайцеваҕа тигистэ. Үсүһү Юлия Водопьянова (Армения) уонна Адиля Тлекенова (Казахстан) үллэһиннилэр. Саха сирин кыргыттара Туйаара Кардашевская уонна Юлия Пушкарь төһө да бочуоттаах миэстэҕэ тиксибэтэхтэрин иһин, киһи хараҕар хатанарын курдук таһаарыылаахтык, үчүгэйдик күрэхтэстилэр.

Бүгүн хамаандалар икки ардыларыгар бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн толорууга күрэхтэһии ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА