От ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга «Триумф» спортивнай комплеска көҥүл тустууга сурдлимпийскай бырагырааманан мөлтөхтүк истэр Азия оҕолоро үчүгэй бэлэмнээхтэрин, кыайыыга дьулуурдаахтарын көрдөрөн, кылбаҥната туһуннулар.
Кэтэһэллибитин курдук, Саха сирин хамаандата уон мэтээллэнэн, сөҕүмэр ситиһиитинэн үөртэ. Хас ыйааһын аайы тыҥааһыннаах кыраһыабай хапсыһыылары, чаҕылхай албастары уонна күүстэрин-уохтарын, сымсаларын-имигэстэрин көрдөрөн кэрэхсэттилэр.
Саамай чэпчэки ыйааһыннарга уолаттарбыт утарсааччыларын биир-биир туораталаан, финалга бэйэлэрэ эрэ таҕыстылар. 38 киилэҕэ Ринат Троев Николай Васильевы очконан лаппа баһыйан, холкутук бастаата. 42 киилэҕэ Евгений Мохначевскай Максим Бердугины бэртээхэй албастарынан көбүөргэ тыастаахтык быраҕаталаан кыахтаахтык кыайда. Салгыы үчүгэйдик эрчилиннэҕинэ улахан да түһэлгэлэргэ табыллан тустуон сөбүн биллэрдэ. Онон бөҕөстөрбүт бастакы нүөмэр буолалларын өссө төгүл бигэргэттилэр.
Оттон 50 киилэҕэ нуучча, казах күүстээх тустууктарын кыайталаан, Афанасий Петров уонна Алексей Васильев финалга утарыта көрүстүлэр. Бу сырыыга тэҥ киирсиигэ Алексей биир очконан сабарыйан кыайыы үөрүүтүн биллэ.
46 киилэҕэ Казахстан уонна Сибиирдээҕи федеральнай уокурук бөҕөстөрө биһиги уолаттарбытын кыайталаан, финалга таҕыстылар. Сергей Евтушин кылбар албаһынан утарсааччытын ыраастык кыайан өрөгөйдөөтө.
Саамай ыарахан ыйааһыҥҥа, 54 киилэҕэ саха бөҕөһө Андрей Винокуров тэҥнээҕин булбата. Киниэхэ үчүгэй утарсыыны финалга нуучча бөҕөһө эрэ оҥоро сатаата. Ол эрээри кэлин кини сылайан, очконон лаппа баһыйтаран, хотторуу хомолтотун биллэ.
— Кыайаммын үөрдүм аҕай. Сүрүн утарсааччым финалга үчүгэй тустууну көрдөрдө. Инникитин да күүскэ дьарыктанан бастыыр баҕалаахпын, — диэтэ саҥа чөмпүйүөн Андрей Винокуров.
Тустуу көрүҥэ түмүктэннэ.
This post was published on 10.07.2016 13:14 13:14