Кыргыттар ортолоругар пневматическэй бинтиэпкэнэн ытыыга Сибиир федеральнай уокуругун, Монголия, Казахстан спортсменнара бастыҥнарынан ааттаннылар.
Күрэхтэһиигэ 15 хамаанда кытынна. Кинилэр күрэхтэһии иннинэ икки күн устата бэлэмнэммиттэрэ. Кылаабынай судьуйа Сергей Петров этэринэн, күрэхтэһии усулуобуйата норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаҕа толору эппиэттэһэр. Күрэхтэһээччилэр 10 м.тэйиччиттэн ыттыллар.
Бастакы миэстэни Анастасия Деревягина (Сибиир ФУо), иккиһи — Ехма Эрдэнэчулуун (Монголия), оттон боруонса мэтээли Елизавета Пушкарева (Казахстан).
Бастаан утаа спортсменнар бары квалификацияны ааһарга 40-нна ыттылар. Алта бастыҥ ытааччы финалга таҕыста. Бастыҥнар ахсааннарыгар Сахалин, Пакистан уонна Саха сирин спортсменнара киирдилэр.
Фатима Афтаб, Пакистан спортсменката:
— Мин Дьокуускайга кэлбиппиттэн дьоллоохпун. Дьокуускай олус кэрэ куорат эбит. Аан бастаан маннык үрдүк таһымнаах күрэхтэһиигэ кыттабын. Өр дьарыктаммытым, олус долгуйбутум. Ытыыга үс сыл дьарыктаммытым.
Бүгүн уолаттар ортолоругар ким кыайбыта биллиэҕэ. Сарсын кыргыттар уонна уолаттар пневмитческэй бэстилиэтинэн буулдьанан ытыыга күрэхтэһиэхтэрэ.