"Азия оҕолоро": Брейкиҥҥэ финал буолла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Хомсомуол болуоссатыгар брейкиҥҥэ «два на два» күрэхтэһии буолла. Москва, Саха сирэ, Сибиирдээҕи уонна Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук хамаандалара кытыннылар.

СФУо спортсменнара чемпионнаатылар. Иккискэ — Москва. Боруонсаны УИФУо ылла.

Бэҕэһээ, ол ыйын 3 күнүгэр, бу көрүҥҥэ биирдиилээн күрэхтэһиилэр ыытыллыбыттара.

This post was published on 04.07.2024 14:31 14:31