Курашка (куреш, корэш, курэш — түүр норуоттарын тустуута) Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын спортсмена Али Агаев кыһыл көмүс мэтээли ылла. Кини спорт бу көрүҥүнүнэн дьарыктаммыта балтараа сыл буолбут.
Күрэхтэһии түмүк киирсиитэ чэппиэргэ «Триумф» спорт комплексыгар ыытылынна. СӨ хамаандатын тустууктара 45, 65, 75 кг кииристилэр. Сүрүн утарылаһааччылара – Монголия, Казахстан, Туркменистан бөҕөстөрө.
Али Агаев 65 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Армения бөҕөһүн кытта күөн көрсөрүгэр, очкону бастакы сөкүүндэттэн ылбыта. Онтон кэнники мүнүүтэтигэр туох баар сыратынан өссө эбии очко ылан 2:1 ахсааҥҥа кыайда.
«Биһиги күүскэ бэлэмнэммиппит. Хата, онтум көмөлөһөн, нэһиилэ да буоллар кыайдым. Утарылаһааччым наһаа күүстээх», — диир кини.
Бу ыйааһыҥҥа үһүс миэстэни Казахстан уонна Монголия спортсменнара үллэһиннилэр. СӨ хамаандата күрэхтэһиигэ олохтоохтук бэлэмнэммитэ таайда. Бастакы күн түмүгүнэн 45 кг диэри ыйааһыннаахтара Самат Иманканов (СӨ) үрүҥ көмүс мэтээли ылла. Кинини кытта киирсибит Монголия спортсмена биһиги уолбутун 4:1 ахсаанынан кыайда.
75 кг диэри ыйааһыннаахтарга Саха сирин хамаандатыттан Башир Арчаков боруонса мэтээли ылары ситистэ. Бу ыйааһыҥҥа Шинтас Серикболсон (Монголия) кыайыылааҕынан таҕыста.
«Мин дзюдонан дьарыктанабын эрээри, бу көрүҥҥэ күрэхтэһэн кыайтардым. Турнир олус бэрт буолла. Казахстан, Туркменистан спортсменнара наһаа күүстээхтэр, үчүгэй бэлэмнээхтэр. Миэхэ тренерим сүбэтэ уонна табаарыстарым өйөбүллэрэ улаханнык көмөлөстө. Санаабын күүһүрдэн биэрдилэр», — диир кини.
Күрэхтэһии судьуйата Мустаким Хатамов бу көрүҥүнэн оҕолор адьас соторутааҕыттан эрэ дьарыктаналларын, сүрүннээн самбистар уонна дзюдоистар буолалларын этэр.
«Оҕолор үчүгэйдик күрэхтэспиттэриттэн үөрэбин. Кыһыл, үрүҥ көмүстэр уонна боруонса мэтээллэри ыллыбыт. Али бастаан резервэҕэ сылдьыбыта. Онтон Оонньуулар саҕаланаллара 10 эрэ хонук хаалбытын кэннэ, уол бэлэмэ таһыччы үчүгэй диэн сүүмэрдэммит хамаандаҕа киллэриллибитэ», — диир кини.
This post was published on 15.07.2016 11:52 11:52