23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

“Азия оҕолоро»: 400 уонна 1500 м. уһуну сүүрүүгэ бастакы миэстэлэри Россия атлеттара ыллылар

11:18, 11 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» Оонньуу чэрчитинэн чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһии буолла. Уолаттар уонна кыргыттар 100, 400 уонна 1500 м. уһуҥҥа сүүрдүлэр. Саха сирэ манна боруонса мэтээли ылла.

Кыргыттар ортолоругар 400 м. сүүрүүгэ Россиялар тэҥнээхтэрин булбатылар. Урал федеральнай уокуругуттан кыттыбыт Дарья Моисеева чаҕылхайдык сүүрдэ. Кини 400 м. 56,52 сөк. кэллэ. Киниттэн аҕыйах сөкүүндэнэн хаалан, Сибиир федеральнай уокуругун спортсменката Анжелика Паренчук иккис миэстэни ылла. Кини көрдөрүүтэ — 56,57. Эмиэ Сибиир кыыһа Александра Лобанова 400 м. 58,62 сөк. кэлэн, боруонса мэтээли кэттэ.

«Кыайбыппыттан олус үөрдүм. Сүүрүөм иннинэ тоҕо эрэ иккис буолуом дии санаабытым. Маннык улахан таһымнаах күрэхтэһииттэн бастаан утаа толлубутум. Мин төһө да кыра буолларбын, маннык үрдүк таһымнаах күрэхтэһиигэ бастаатым. Тренерим, төрөппүттэрим миэхэ эрэммиттэрин иһин махтанабын», — диэтэ Дарья Моисеева.

Уолаттарга 1500 м. сүүрүүгэ Татарстан быһый спортсмена Эдгар Захаров кыайыы көтөллөннө. Кини көрдөрүүтэ — 4 мүн. 09,57 сөк. Үрүҥ көмүс мэтээлгэ Сибиир спортсмена Артем Попов тигистэ. Кини бириэмэтэ — 4 мүн. 11,73 сөк. Саха сирин спортсмена Николай Калачиков бу уһуну 4 мүн. 12,15 сөк. кэлэн, үһүс бочуоттаах миэстэни ылла.

Кылгас дистанцияҕа Россия хамаандалара наҕараадаҕа тиксибэтилэр. Кыргыттарга 100 м. Елена Пехтерева (Азербайджан) кыайыылаах үрдүк аатын ылыан ылла. Кини көрдөрүүтэ — 12,24 сөк. Кини кэнниттэн Таиландтан кыттыбыт Павини Пудбурт (12,41 сөк) кэллэ. Үһүс бириистээх миэстэни Филиппины сүүрүүгэ Саманта Джем Лимос (12,47 сөк) ылла.

Уолаттарга 100 м. Шри-Ланка спорстмена Шаликэ Саитус Верысинхэ бастаата, кини ситиһиитэ — 11,20 сөк. Оттон иккис миэстэни Саудовскай Аравия спортсмена Аль Маруани Ахмет ылла. Кини көрдөрүүтэ — 11,24 сөк. Таиланд бэрэстэбиитэлэ Ритигаи Пакпан (11,29 сөк) үһүс миэстэни ситистэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар