Чэпчэки атлетикаҕа Аксинья Панова «Азия оҕолоро — 2022» оонньууларга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыга бастакы кыһыл көмүс мэтээли аҕалла. Мэһэйдэрдээх 100 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ кини 14,86 сөкүүндэ түмүгүнэн эрэллээхтик бастаата уонна тус рекордун саҥардан биэрдэ, диэн СИА кэрэспэдьиэнэ иһитиннэрэр.
«Өй-санаа өттүнэн ыарахан этэ. Мин бастакы буоларбын билэр этим. Олус уһуннук уонна күүскэ эрчиллибиппит. Манна мин көрдөрүүм бэйэм ис турукпуттан тутулуктааҕын билэр этим, ол эрээри миигин өйүүр тренерым аттыбар баар буолан күүс-көмө буолбута. Мин төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбэр бастакы көмүһү аҕалбыппыттан киэн туттабын», — диэтэ чемпионка.
Аксинья 15 саастаах, 9- с кылааска көспүт. Сүүрүүнү таһынан бүгүн сахалыы ыстаныыга кыттыаҕа. Санатан эттэххэ, бэҕэһээ «кылыыга» саха спортсменнара иккис, үһүс миэстэлэри ыллылар.