«Чолбон» бассейҥҥа харбааччылар бастакы күҥҥэ уон мэтээл туттарылынна. Призердар ортолоругар Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ суох да буоллаллар, үксүлэрэ тус бэйэлэрин көрдөрүүлэрин биллэ тупсардылар. Бу туһунан СИА күрэхтэһиини иһитиннэрэр, сырдатар Татьяна Федорова эттэ.
«Саха сирин алта харбааччыта бэйэлэрин көрдөрүүлэрин (результаттарын) биллэрдик тупсардылар. Онон бастакы спортивнай разряды толордулар. Бу биһиэхэ ситиһии», — диир кини.
Бэҕэһээ 100 миэтэрэҕэ көҥүл истиилинэн, 200 миэтэрэҕэ — баттерфляй, 200 миэтэрэҕэ көхсүгэ сытан харбааһыҥҥа күрэхтэспиттэрэ.
Баһылыыр-көһүлүүр оруолу Сибиирдээҕи уонна Урааллааҕы федеральнай уокурук, Москва, Вьетнам, Индонезия уонна Гонконг спортсменнара ылбыттара.
Күрэхтэһиигэ 96 уол, 72 кыыс, барыта 168 спортсмен кыттар.
Бүгүн, от ыйын 8 күнүгэр, 100 м. — баттерфляй (уолаттар, кыргыттар); 200 м. – көҥүл истиил (уолаттар, кыргыттар); 200 м. — брасс (уолаттар, кыргыттар); 400 м. — комплекснай (уолаттар, кыргыттар); эстафета 4х200 м. көҥүл истиил (уолаттар, кыргыттар) күрэхтэһэллэр.
This post was published on 08.07.2016 19:08 19:08