«Туймаада» стадиоҥҥа ыалдьааччылар 200 м. сүүрүүнү долгуйан туран көрдүлэр. Финал сүүрүүтүгэр «Азия оҕолоро» Оонньуу кыайыылаахтара — Дарья Моисеева (Урал ФУо) уонна Елена Пехтирева (Азербайджан) бүгүн утарыта турдулар.
Мүнүүтэ иһигэр ким кыайыылаах тахсыбыта билиннэ. Манна кыайыылаах Дарья Моисеева буолла диэн эттилэр, ол эрээри фотофиниш көрдөрбүтүнэн, Азербайджан спортсмена Елена Пехтирева Россия сүүрүүгүн кыайда. Онон, кини 100 уонна 200 м. уһуҥҥа икки төгүл чөмпүйүөннээтэ.
200 м. уһуҥҥа бастакы миэстэни Пехтирева Елена (Азербайджан) ылла. Кини көрдөрүүтэ — (25.69), үрүҥ көмүс мэтээли Дарья Моисеева (Урал ФУо) кэттэ. Кини ситиһиитэ — (25.71), боруонсаны Зьюнг Тхи Хоа (Вьетнам) ылла.
This post was published on 13.07.2016 14:08 14:08