Автономия саастыылааҕар Мария Гоголеваҕа "Саха АССР 100 сыла" бэлиэтин туттардылар

Педагогическай үлэ бэтэрээнигэр, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгунугар, өрөспүүбүлүкэ учууталларын учууталларыгар, үөрэх тиһигин бочуоттаах бэтэрээнигэр Матрена Семеновна Гоголеваҕа быйыл үйэлээх үбүлүөйүнэн «Саха АССР 100 сыла» диэн Уус-Алдан дьаһалтатын бочуоттаах бэлиэтэ туттарылынна.

Бэтэрээҥҥэ ытык бэлиэни Уус-Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов туттарда.

Кини Матрена Семеновнаны САССР 100 сыллаах үбүлүөйүнэн, кэлэн иһэр Улуу Кыайыы күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ, уонна кырдьаҕас олорбут олоҕун суола хорсун санааҕа, үлэни таптыырга уонна төрөөбүт дойдугар бэриниилээх буоларга үөрэтэрин бэлиэтээтэ.

This post was published on 27.04.2022 18:01 18:01