Авиалесоохранаҕа буруо Саха сириттэн хаһан барарын кэпсээтилэр

Хабаровскай кыраайга ойуур баһаарыттан кэлбит буруо Саха сирин киин өттүттэн тыал хайысхата уларыйдаҕына барыаҕа. Бу туһунан СИА-ҕа ГУБ «Авиалесоохрана» салайааччыта Владимир Леонов кэпсээтэ.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ баар буруо Хабаровскай кыраайтан кэлэ турар. Тыалтан сылтаан буруо Саха сирин киин оройуоннарын диэки баар. Күн бүгүн Уус-Майа уонна Амма улуустарыгар, Дьокуускайга көстүү мөлтөөтө. Быһа холоон, чэппиэргэ, от ыйын 21 күнүгэр, тыал хайысхата уларыйыа, көстүүтэ быдан тупсуо», — диэн Владимир Леонов иһитиннэрдэ.

Леонов этэринэн, Саха сирин киин өттүгэр чугастааҕы кэмҥэ ардах түһүөҕэ, онон буруо Бүлүү өрүс диэки хайысхаланар күүтүллэр. Ойуур баһаара элбиирэ сабаҕаланар.

This post was published on 19.07.2022 12:03 12:03