Атыыга сөбө суох туоннанан кээмэйдээх бурдук аһа булулунна

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Роспотребнадзор управлениета 600-тэн тахса боруоба бурдук аһын чинчийбитин түмүгэр, бородууксуйа 5%-на атыыга тахсара сөбө суоҕунан быһаарыллыбыт. Бу туһунан СИА-ҕа иһитиннэрдилэр.


2019 сыл 9 ыйыгар 660 боруоба бурдук аһа чинчийиллибит. Физика-химическэй көрдөрүүнэн — 1,6%, микробиологическайынан – 3,8%, онтон санитарнай-химическай уонна радиологическай кэһиинэн туох да булуллубатах. Онон атыыга биир туонна бородууксуйа тахсыыта тохтотуллубут.

Роспотребнадзор исписэлиистэрэ этэллэринэн, чинчийиллибит бурдук аһыгар патогеннай микроорганизмнар, токсичнай элеменнэр, пестицидтар, генно-модифицированнай организмнар (ГМО), радионуклидтар булуллубатахтар.

Сүрүн кэһиинэн бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга хаачыстыбатын уонна киһи сииригэр куттал суох буолуутун бигэргэтэр докумуоннара суохтара буолар. Маны сэргэ бородууксуйаны тарҕатыыга болдьоҕун ыйыыга, тэрилтэлэр  санитарнай-техническэй туруктарыгар кэһиилэр бааллара бэлиэтэммит.

Эппиэттээх сирэйдэр административнай миэрэҕэ тардыллыбыттар.

This post was published on 11.11.2019 16:28 16:28