Атыыга лабыкталаах килиэп таҕыста

«Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ» аһаҕас аахсыйалаах уопсастыба лабыкталаах килиэби астааһыны саҕалаата. edersaas.ru суруйар.


Килиэп кэмбинээтэ Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Криолитозона биологическай проблемаларыгар институтун кытары бииргэ үлэлээн, килиэп саҥа көрүҥүн дьоҥҥо таһаарда.
Тэрилтэ бу бородууксуйатын өссө ааспыт саас «Килиэп – барыга баһылык» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаҕа билиһиннэрбитэ.
– Биһиги саҥа ассортимеммытын оруостаах сэлиэһинэйгэ мэлиллибит айылҕа лабыктатын уонна сэттэ хонукка тиийэ харайылларыгар көмөлөһөр туһалаах эттиктэри эбэммит астыыбыт, — диир кэмбинээт менеджерэ Елена Марк. – Лабыкталаах килиэби маҕаһыыннарга атыыга таһаардыбыт.

Лабыкта туһалаах эттигинэн олус баай: А уонна С битэмииннэринэн, тимир, барий, алтан, хром, титан, марганец, никель, дьуот о.д.а. курдук макро-, микроэлимиэннэринэн. Ис-үөс уонна тыынар уорган ыарыытыгар, иммунитет мөлтөөһүнүгэр, ньиэрбэни уоскутарга, организмтан токсиннары таһаарарга туһаныллар. Ол иһин лабыкталаах килиэп спортсменнарга, сааһырбыттарга итиэннэ ыарахан үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо туһалаах буолуоҕа.

This post was published on 09.07.2020 11:01 11:01