Атырдьах ыйыттан сорох биэнсийэлээхтэргэ страховой чаастара эбиллэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн Россия социальнай пуондата 2023 сыллаахха үлэлээбит биэнсийэлээхтэргэ страховой чаастарын эбэн биэрэр. Маннык эбиллиинэн саастарынан уонна инбэлииттэринэн биэнсийэҕэ тахсыбыттар туһаналлар, суруйда «Парламентская газета».

Ити эрээри усулуобуйалаах: кинилэргэ ааспыт сылга үлэни биэрээччи страховой усунуос төлөөбүт буолуохтаах.

Биэнсийэни ааҕыы сайабылыанньата суох оҥоһуллар. Кээмэйэ биэнсийэлээх хамнаһыттан тутулуктаах: төһөнөн элбэх да, соччонон эбиллии элбэх буолар.

Муҥутуур эбиллии — үс биэнсийэ коэффициенэ.

This post was published on 01.08.2024 13:03 13:03