Атырдьах ыйыттан мунньуллар биэнсийэ 7% үрдүөҕэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Арассыыйатааҕы Социальнай пуонда атырдьах ыйын 1 күнүттэн мунньуллар биэнсийэ кээмэйин хос ааҕыаҕа (перерасчет), ону тэҥэ  хос үбүлээһин бырагырааматын биэнсийэ төлөбүрдэрин кыттыылаахтарыгар, суруйда Саха сирэ саайт.

Төлөбүр ыларга сайабылыанньа суруйар ирдэммэт. Мунньуллар биэнсийэҕэ эбилиги 118,8 тыһыынча киһи ылара күүтүллэр. Хос ааҕыы кээмэйэ — 7%. Бу туһунан «Российская газета» суруйар.

Онуоха 41,8 тыһыынча киһиэхэ ыйдааҕы биэнсийэ эбии төлөбүр кээмэйэ 6,92% үрдүөҕэ. Биэнсийэҕэ хос ааҕыы управляющай хампаанньалар 2023 сылга үптэрин инвестициялааһынын түмүгүн кытта сибээстээх.

Социальнай пуондаҕа мунньуллар биэнсийэ орто кээмэйэ ыйга 1,2 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэрэ чуолкайданна. Оттон бырагыраама кыттыылаахтарын  төлөбүрдэрин орто кээмэйэ ыйга 2,4 тыһыынча солкуобай буолар.

This post was published on 29.07.2024 14:03 14:03