Атырдьах ыйын 8 күнэ — Аан дойдуга альпинизм, офтальмология, куоска күнэ. Саха сиригэр бу күн искусствоведение дуоктара, саха үҥкүүтүн чинчийбит учуонай Ангелина Лукина, саха сирин уопсастыбаннай диэйэтэлэ, Конституционнай суут бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн төрөөбүт күннэрэ.
Бэлиэ күннэр:
- Куоска күнэ.
- Аан дойдуга альпинизм күнэ.
- Офтальмология аан дойдутааҕы күнэ.
- Бутан — Тутулуга суох буолуу күнэ (1949 с. Ииндийэттэн).
- Германия — Аугсбурга эйэ күнэ.
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ — Аҕалар күннэрэ.
- Швеция — Былаах күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1742 — Уруккута Арассыыйа ис дьыалаҕа вице-канцлера уонна Монетнай двор салайааччыта граф Михаил Головкин ойоҕунаан Орто Халымаҕа көскө кэлбиттэр. Арассыыйа ыраахтааҕыларынан Анна Иоанновна уонна Иван VI олордохторуна Михаил Головкин Арассыыйа биир саамай кыахтаах киһитэ эбит, онтон судаарыстыбаннай переворот кэннитэн Елизавета Петровна былааска кэлбитигэр көскө ыытыллыбыт.
- 1786 — Жак Бальма уонна Мишель Паккард бастакынан Альпа хайаларын саамай үрдүк чыпчаалларыгар Монблаҥҥа тахсыбыттар. Бу түгэн альпинизм төрүттэнниитинэн ааҕыллар.
- 1899 — АХШ айааччыта Альберт Маршалл холодильникка патент ылбыт.
- 1918 — Аан дойду бастакы сэриитигэр союзтаах Франция, Улуу Британия, АХШ уонна Бельгия Сүүс күннээх кимэн киириилэрэ саҕаламмыт, ол түмүгэр Германия сэриигэ кыайтарбыт. Оччотооҕу Германия аармыйатын баһылыга генерал Эрих Людендорф бу күнү «Германия аармыйатын хара күнэ» диэн ааттаабыт.
- 1917 — Петроградка бассабыыктар баартыйаларын VI сийиэһэ саҕаламмыт. Бу сийиэскэ бассабыыктар Быстах кэмнээҕи бырабыыталыстыбаны утарарга быһаарыммыттар.
- 1929 — «Граф Цеппелин» дирижабль Сири эргийэ көтө аттаммыт. Дьокуускайга таарыйан ааспыта биллэр.
- 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүн саҕана ССРС Дьоппуон импиэрийэтигэр сэрии биллэрбит.
- 1966 — Кытайга култуура өрөбөлүүссүйэтэ биллэриллибит.
- 1967 — Бангкокка Соҕуруулуу илин Азия иллэрин ассоциацията (АСЕАН) тэриллибит. Маҥнай ассоциацияҕа Индонезия, Малайзия, Сингапур, Таиланд уонна Филиппины киирбиттэр. Онтон кэлин Бруней (1984), Вьетнам (1995), Лаос (1997), Мьянма (1997) уонна Камбоджа (1999) киирбиттэрэ.
- 1974 — Ричард Никсон АХШ бэрэсидьиэнин дуоһунаһыттан болдьоҕун иннинэ барарын туһунан биллэрбит (Уотергейт айдаана).
- 1990 — Ираак Кувейты аннексиялыырын туһунан биллэрбит.
- 2000 — Британия, АХШ уонна Италия учуонайдара киһини клоннуур уопуту саҕалаабыттарын туһунан биллэрбиттэр.
- 2000 — Москубаҕа Пушкин болуоссатын анныгар уулуссаны туоруур холлорооҥҥо дэлби тэбии буолбут. 13 киһи өлбүт, 118 киһи бааһырбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1949 — Ангелина Лукина, искусствоведение дуоктара, саха үҥкүүтүн чинчийбит учуонай.
- 1958 — Александр Ким-Кимэн, Саха сирин уопсастыбаннай диэйэтэлэ.
Өлбүттэр:
- 1991 — Иван Кожедуб (1920 төр.), аатырбыт лүөччүк, Сэбиэскэй Сойуус үс төгүллээх дьоруойа.
This post was published on 08.08.2020 09:01 09:01