Атырдьах ыйын 7 күнэ. Саха сиригэр бастакы алмааһы булбуттара - Бикипиэдьийэ

1949 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр Сунтаар Кириэстээҕиттэн 6 килэмиэтирдээх сиргэ Григорий Файнштейн салалталаах Амакинкатааҕы геологтар экспедициялара Мохсоҕоллоох диэн чэйгэ 20 караттаах маҥнайгы алмааһы булбута. Сезон бүтүөр диэри бу чэйгэ өссө 22 алмаас булуллубута. Саха сиригэр алмаас промышленноһа ити булумньулартан саҕаламмыта. 


Атырдьах ыйын 7 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 219-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 220-c күнэ). Сыл бүтүө 146 күн баар.

Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1682 — Бүөтүр I ыраахтааҕы буолбут.
  • 1782 — Санкт-Петербуурга Бүөтүр I саамай биллибит — Пушкин «Медный всадник» диэн ааттаабыт пааматынньыга туруоруллубут.
  • 1840 — Англияҕа оҕолор оһох ураатын ыраастыллара бобуллубут.
  • 1890 — Дьокуускай куорат кулубатын талбыттар. Николай Брюловскай диэн киһи буолбут.
  • 1890 — Бүлүү куоратыгар балыыһа аһыллыбыт.
  • 1949 — Бүлүү өрүһүгэр Кириэстээх сэлиэнньэтин аттыгар Мохсоҕоллоох диэн чэйгэ Григорий Файнштейн салалталаах геологтар партиялара 20 караттаах маҥнайгы алмааһы булбута. Сезон бүтүөр диэри бу чэйгэ өссө 22 алмаас булуллубута.
  • 1987 — АХШ харбыыһыт дьахтара Линн Кокс бастакынан Беринг силбэһиитигэр баар АХШ Оччугуй Диомид арыытыттан ССРС Улахан Диомид арыытыгар харбаан туораабыт.
  • 1996 — Атлаанта (АХШ) куораттан Дьокуускайга Олимпиада уота кэлбит.
  • 2008 — Соҕуруу Осетияҕа Арассыыйа уонна Грузия ыккардыларыгар сэрии саҕаламмыт.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

This post was published on 07.08.2020 09:01 09:01