Атырдьах ыйын 5 күнэ. Абалаах санаторийа аһыллыбыт - Бикипиэдьийэ

1858 сыллаахха Атлантика түгэҕинэн Британияны уонна Американы ситимниир телеграф хаабылын ыыппыттар.

1924 сыллаахха Туурсуйаҕа элбэх ойохтонууну боппуттар.

1943 сыллаахха ССРС-ка сэрии кэмигэр бастакы кыайыы салюта буолбут. 

1948 сыллаахха сылгыһыттар Роман Константинов (Чурапчы), Афанасий Степанов (Мэҥэ Хаҥалас) Социалистыы Үлэ дьоруойдара буолбуттар.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1583 — Англия айанньыта Хемфри Гилберт билиҥҥи Канадаҕа баар Ньюфаундленд арыытын Англия королеватын сиринэн биллэрбит уонна онно сэлиэнньэ олохтообут. Бу Хотугу Америкаҕа Англия бастакы колонията буолбут.
  • 1772 — Арассыыйа, Пруссия уонна Австрия Речь Посполита сирдэрин аан бастаан түҥэттибиттэр.
  • 1858 — Атлантика түгэҕинэн Британияны уонна Американы ситимниир телеграф хаабылын ыыппыттар. Виктория ыраахтааҕы АХШ бэрэсидьиэнин Джеймс Бьюкенены кытта эҕэрдэлэспиттэр.
  • 1924 — Туурсуйаҕа элбэх ойохтонууну боппуттар.
  • 1925 — Плайд Камри (Уэльс партията) үөскээбит. Бастаан олохтоноругар Уэльс төрүт олохтоохторун тыллара сүппэтин өйүүр тэрилтэ этэ, кэлин Уэльс бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын турууласпыта. 1966 сыллаахха Британия түмэнигэр бастакы дьокутааттарын талары ситиспитэ.
  • 1932 — Афанасий Богатырев хапытааннаах икки бааржа соһуулаах «Лена» борокуот Тиксии хомоҕо киирбит. Ол саҕана манна ким да олорбот этэ. Борокуот хомо кытылыгар метеостанция тутуохтаах эспэдииссийэни уонна манан ааһыахтаах «Сибиряков» диэн мууһу хайытар борокуокка анаан чох аҕалбыт. Бу тэрээһин барыта Хотугу муора суолун арыйыыга, хоту сирдэр хааччыйыыларын тупсарыыга аналлаах этэ.
  • 1935 — Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Абалаах күөлүгэр бадараанынан эмтиир 12 койкалаах курорт аһыллыбыт. Бу курорт биэлсэр Тит Сосин көҕүлээһининэн тэриллибитэ.
  • 1941 — 73 хонук устата барбыт Одессаны көмүскээһин саҕаламмыт, атырдьах ыйын 5 күнүттэн алтынньы 16 күнүгэр диэри.
  • 1943 — ССРС-ка сэрии кэмигэр бастакы кыайыы салюта буолбут — 124 тэргэнинэн 12-тэ ыппыттар.
  • 1948 — Сылгыһыттар Роман Константинов (Чурапчы оройуонун) Фрунзе аатынан холкуос сылгыһыта уонна Афанасий Степанов (Мэҥэ-Хаҥалас) Социалистыы Үлэ дьоруойдара буолбуттар.
  • 1956 — Москубаҕа ССРС норуоттарын спартакиадата саҕаламмыт. Маннык спартакиадалар 4 сыл арыттаан олимпиада буолуон иннинээҕи сыл буолаллар этэ.
  • 1963 — Москубаҕа ССРС, АХШ уонна Британия ядернай сэрии сэбин атмосфераҕа, космоска уонна уу анныгар эһэри бобор сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • 1966 — Мао Цзэдун Кытайга култуура өрөбөлүүссүйэтин саҕалыыр «Штабтары бомбалыырга!» диэн лозунг биллэрбит. Бу лозуҥу хунвейбин-устудьуоннар («кыһыл гвардеецтэр») уонна цзаофань-оробуочайдар («бууннааччылар») толорбуттар. Кинилэр маҥнай сөбүлээбэтэх салайааччыларын истиэнэ хаһыатыгар сэмэлииллэр эбит, онтон кэлин парткомнары, дьаһалталары штурмалаан ылар буолбуттар.
  • 1980 — Бельгия тылы билииннэн үс автономиялаах эрэгийиэҥҥэ араарыллыбыт: ФламандияВаллония уонна Брюссель киин региона.
  • 2016 — Рио-де-Жанейро куоракка (Бразилия) XXXI сайыҥҥы Олимпиада аһыллыбыт.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

This post was published on 05.08.2021 09:01 09:01