Атырдьах ыйын 30 күнэ Казахстааҥҥа Конституция, Татарстааҥҥа Өрөспүүбүлүкэ, Турцияҕа Кыайыы күнэ. Бүгүн Аан дойдуга сураҕа суох сүппүт дьон итиэннэ кииттиҥи акула күннэрэ.
Атырдьах ыйын 30 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 242-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 243-c күнэ). Сыл бүтүө 123 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Аан дойдуга Күһэлэҥҥэ түбэһэн сураҕа суох сүппүт дьоҥҥо болҕомто тардар күн.
- Кииттиҥи акула аан дойдутааҕы күнэ[1]
- Казахстан — Конституция күнэ.
- Турция — Кыайыы күнэ.
- Татарстаан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1990 сылтан бэлиэтэнэр).
Түбэлтэлэр:
- 1873 — Австрия чинчийээччилэрэ Юлиус Пайер уонна Карл Вейпрехт Хотугу Муустаах далайга Франц-Иосиф Сирэ архипелагы арыйбыттар. Бу билигин Арассыыйа биир саамай хотугу территорията.
- 1901 — Англия айааччыта Хьюберт Сесил Бут (Hubert Cecil Booth) электрическэй пылесоһу патеннаабыт.
- 1918 — Москубаҕа Владимир Ленины миитиҥҥэ тыл эппитин кэннэ ытан өлөрө сатаабыттар. Ленин бааһырыыттан түргэнник үтүөрбүт. Большевиктар бу быһылааҥҥа иэстэһээри кыһыл террор бэлиитикэтин саҕалаабыттара.
- 1922 — Владивостоктан Лаамы кытылын диэки үрүҥ генерал Анатолий Пепеляев экспедиционнай корпуһа арахпыт.
- 1960 — Татаар бэйиэтин Габдуллаа Тукаай Казань куоракка туруоруллубут мэҥэтэ РСФСР култуурунай баайын эбийиэгинэн биллэриллибитэ.
- 2012 — Эдьигээҥҥэ тустуук Роман Дмитриевка бүүс туруоруллубут.
Төрөөбүттэр:
- 1748 — Жак-Луи Давид — Франция живописеһа уонна уһуйааччыта, живописька Франция неоклассицизмын бөдөҥ бэрэстэбиитэлэ.
- 1906 — Павел Иванов — Саха АССР транспорын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Дьоруойа.
- 1907 — Джон Мокли — АХШ физигэ уонна инженерэ, ENIAC электроннай көмпүүтэр оҥорооччулартан биирдэстэрэ.
- 1915 — Вера Колодезникова — Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, педагогика билимин хандьыдаата, доцент.
- 1939 — Василий Петров — тыл үөрэҕин билимин дуоктара, фольклорист, литературовед.
- 1949 — Герасим Васильев — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа.
Өлбүттэр:
- 1918 — Моисей Урицкай — идэтийбит өрөбөлүссүйэниэр, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин көхтөөх кыттыылааҕа, өр кэмҥэ Өлүөхүмэҕэ көскө олорбута.
- 2006 — Нагиб Махфуз — Эгиипэт суруйааччыта, 1988 с. Нобель литэрэтиирэҕэ бириэмийэтин кыайыылааҕа. Аныгы араб литэрэтиирэтин ордук биллиилээх суруйааччыларыттан биирдэстэрэ.
This post was published on 30.08.2020 09:04 09:04