Казахстааҥҥа Конституция, Турцияҕа Кыайыы, Татарстааҥҥа Өрөспүүбүлүкэ күннэрэ.
1756 сыллаахха Петербуурга Арассыыйа саамай кырдьаҕас тыйаатыра — Александринскай аһыллыбыт.
1873 сыллаахха Арассыыйа биир саамай хотугу территорията Франц-Иосиф Сирэ архипелаг арыллыбыт.
1901 сыллаахха Англия айааччыта Хьюберт Сесил Бут (Hubert Cecil Booth) электрическэй пылесоһу патеннаабыт.
- ХНТ — Аан дойдуга Күһэлэҥҥэ түбэһэн сураҕа суох сүппүт дьоҥҥо болҕомто тардар күн
- Кииттиҥи акула аан дойдутааҕы күнэ
- Илин Тимор — Норуоту кытта сүбэлэһии күнэ. 1999 сыллааҕы референдуму бэлиэтииллэр
- Казахстаан — Конституция күнэ
- Теркс уонна Кайкос арыылар — Конституция күнэ. 2011 сыллаахха ылыныллыбыт
- Турция — Кыайыы күнэ
- Татарстаан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1990 сылтан бэлиэтэнэр)
Түбэлтэлэр:
- 1756 — Елизавета Петровна ыраахтааҕы тыйаатырга нууччалыы трагедиялары уонна кэмиэдьийэлэри көрдөрөр туһунан ыйаах таһаарбыт. Онон Петербуурга Арассыыйа саамай кырдьаҕас тыйаатыра — Александринскай аһыллыбыт.
- 1757 — Илин Пруссияҕа Гросс-Егерсдорф диэн сэлиэнньэ аттыгар нуучча аармыйата Пруссия аармыйатын үлтүрүппүт. Бу Сэттэ сыллаах сэриигэ нуучча аармыйата кыттыылаах бастакы бөдөҥ кыргыһыы этэ (Пруссия өттүттэн 28 тыһ., Арассыыйа өттүттэн 55 тыһ. киһи кыттыбыта). Ол эрээри, аармыйа баһылыга генерал-фельдмаршал Апраксин Степан Федорович чугуйан биэрэн, кыайыы улахан түмүгү аҕалбатаҕа. Сэлиэнньэ билигин суох, буолбут сирэ аныгы Калининград уобалаһын Черняховскай оройуонугар баар.
- 1873 — Австрия чинчийээччилэрэ Юлиус Пайер уонна Карл Вейпрехт Хотугу Муустаах далайга Франц-Иосиф Сирэ архипелагы арыйбыттар. Бу билигин Арассыыйа биир саамай хотугу территорията.
- 1901 — Англия айааччыта Хьюберт Сесил Бут (Hubert Cecil Booth) электрическэй пылесоһу патеннаабыт.
- 1918 — Москубаҕа Владимир Ленины миитиҥҥэ тыл эппитин кэннэ ытан өлөрө сатаабыттар. Ленин бааһырыыттан түргэнник үтүөрбүт. Большевиктар бу быһылааҥҥа иэстэһээри кыһыл террор бэлиитикэтин саҕалаабыттара.
- 1922 — Владивостоктан Лаамы кытылын диэки үрүҥ генерал Анатолий Пепеляев экспедиционнай корпуһа арахпыт.
- 1960 — Татаар бэйиэтин Габдуллаа Тукаай Казань куоракка туруоруллубут мэҥэтэ РСФСР култуурунай баайын эбийиэгинэн биллэриллибитэ.
- 2012 — Эдьигээҥҥэ тустуук Роман Дмитриевка бүүс туруоруллубут.
Төрөөбүттэр:
- 1748 — Жак-Луи Давид — Франция живописеһа уонна уһуйааччыта, живописька Франция неоклассицизмын бөдөҥ бэрэстэбиитэлэ.
- 1906 — Павел Иванов — Саха АССР транспорын үтүөлээх үлэһитэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1907 — Джон Мокли — АХШ физигэ уонна инженерэ, ENIAC электроннай көмпүүтэр оҥорооччулартан биирдэстэрэ.
- 1915 — Вера Колодезникова — Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, педагогика билимин хандьыдаата, доцент.
- 1939 — Василий Петров — тыл үөрэҕин билимин дуоктара, фольклорист, литературовед.
- 1949 — Герасим Васильев — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа.
Өлбүттэр:
- 1918 — Моисей Урицкай — идэтийбит өрөбөлүссүйэниэр, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин көхтөөх кыттыылааҕа, өр кэмҥэ Өлүөхүмэҕэ көскө олорбута.
- 2006 — Нагиб Махфуз — Эгиипэт суруйааччыта, 1988 с. Нобель литэрэтиирэҕэ бириэмийэтин кыайыылааҕа. Аныгы араб литэрэтиирэтин ордук биллиилээх суруйааччыларыттан биирдэстэрэ.
This post was published on 30.08.2021 09:01 09:01