1949 сыллаахха НАТО сойууһун тэрийэр туһунан докумуон олоххо киирбит.
1954 сыллаахха АХШгар хомуньуус баартыйатын боппуттар.
1978 сыллаахха Саха сиригэр сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэртэн биирдэстэрэ 19 килотонналаах «Кратон-3» оҥоһуллубут.
1991 сыллаахха Украина тутулуга суох буолуутун биллэрбит, М.Горбачев ССКП КК генеральнай сэкиритээрин дуоһунаһыттан батыммыт.
- Казахстаан — Дойду былааҕын күнэ
- Украина — Тутулуга суох буолуу күнэ (1991)
- Эстония — Пяртель күнэ (эст. Pärtlipäev)
- АХШ:
- Ураты муусука күнэ
- Баахыла күнэ
- Кыргыстаан — Ис дьыала сэриилэрин күнэ
Түбэлтэлэр:
- 79 — Везувий вулкан эстибит.
- 410 — Аларих хоруоллаах вестготтар Рими ылбыттар уонна талаан саҕалаабыттар. 800 сыл тухары ким да сэриилээн ылбатах куората таламмытыттан бу саҕанааҕы дьон улаханнык дьулайбыттар.
- 1572 — Варфоломей түүнэ буолбут: Францияҕа итэҕэл сэриилэрин кэмигэр Парижка католиктар гугеноттары (протестаннары) кэйгэллээһиннэрэ.
- 1873 — Хива Арассыыйаттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1876 — Орто Канаада индеецтара резервацияҕа олорорго сөбүлэспиттэр.
- 1904 — Арассыыйаҕа таһыйары тохтоппуттар.
- 1941 — Адольф Гитлер төбөлөрүнэн ыалдьар дьону уонна инбэлиитэри өлөртүүр Германия программатын дьон утарбытын иһин тохтоторго бирикээс таһаарар. Ол эрээри сэрии бүтүөр диэри ыарыһахтары өлөрүү тохтооботоҕо.
- 1944 — Молдавия фашистартан босхоломмут.
- 1949 — Хотугу Атлантика сөбүлэҥин тэрилтэтин (НАТО) тэрийэр туһунан докумуон олоххо киирбит.
- 1954 — АХШ-ка хомуньуус баартыйатын боппуттар.
- 1978 — Саха сиригэр сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэртэн биирдэстэрэ 19 килотонналаах «Кратон-3» оҥоһуллубут. Мирнэй улууһун Айхал бөһүөлэгиттэн 39 км илин диэки Марха өрүһүн кытылыгар 577 метр дириҥҥэ сир хаҕын дириҥник үөрэтэр сыаллаах сейсмозондирование оҥороору дэлби тэптэриллибит. Сыыһа дьаһаныы түмүгэр радиациялаах былыт салгыҥҥа көппүт уонна экспедиционнай лааҕыры бүрүйбүт. Бу кэмҥэ ардыы турар буолан тула өттүннэҕи территория радиациянан киртитиллибит. Лааҕыр дьоно тута күрээбиттэр, оттон Саха сирин дьоно-сэргэтэ бу быһылаан туһунан 12 сылынан биирдэ 1990 сыллаахха билбиттэрэ.
- 1990 — Таджикистан суверенитетын туһунан декларация ылыныллыбыт.
- 1991 — Украина тутулуга суох буолуутун биллэрбит.
- 1991 — М. Горбачёв ССКП КК генеральнай сэкиритээрин дуоһунаһыттан батыммыт уонна Киин кэмитиэт бэйэтин бэйэтэ ыһарыгар ыҥырбыт.
- 1995 — Windows 95 тахсыбыт.
- 2006 — Астрономия аан дойдутааҕы сойууһа Плутону Күн тула эргийэр планеталар ахсааннарыттан таһааран, карлик планета ахсааныгар киллэрбит. Күн систиэмэтигэр аҕыс планета хаалбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1858 — Вацлав Серошевскай (1945 өлб.) — поляк, этнограф, суруйааччы, публицист. Сахалар тустарынан улахан этнографическай чинчийии («Якуты»/«Сахалар») ааптара.
- 1899 — Хорхе Луис Борхес — Аргентина суруйааччыта.
- 1911 — Семен Борисов — Саха сиригэр ил уонна баартыйа биллиилээх диэйэтэлэ, 1939—1941 сылларга көһөрүү наркома. Украинаттан уонна Белоруссиятан дьону көһөрүүнэн дьарыктаммыта, ону кытары кини салайыытынан Чурапчы көһөрүүтэ ааспыта.
- 1921 — Мария Жорницкая (06.09.1995 өлб.) — Саха сиригэр олорор омуктар үҥкүүлэрин чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1938 — Дмитрий Гаврильев — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, документалист-суруйааччы, Арассыыйа Федерациятын суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Баайаҕа, итиэннэ Амма улууһун Абаҕа нэһилиэктэрин уонна Амма улууһун ытык киһилэрэ.
- 1952 — Валерий Аргунов — устуоруйа билимин хандьыдаата, археолог.
Өлбүттэр:
- 1966 — Лао Шэ — биллэр Кытай прозаига, драматуура, публицист, олоҕо дьиҥнээхтик ойуулуур уонна сатиралаах прозанан биллибитэ. Кытай литэрэтиирэтин биир биллэр маастара.
- 1996 — Зайнаб Биишева — Башкортостан норуодунай суруйааччыта, прозаик, бэйиэт, драматуур, тылбаасчыт.
- 2010 — Сатоси Кон — анимацияҕа үлэлээбит дьоппуон режиссера.
This post was published on 24.08.2021 09:01 09:01