16 Балаҕан ыйа 16.09
  • -0°
  • $ 90,93
  • 100,8

Атырдьах ыйын 23 күнэ. Гороскоп

11:26, 23 августа 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой 

Күн саҥатыгар кыра кыҺалҕаларга төбөҕүн сынньыма. Эн күүстээх санааҥ, кыайыыга дьулууруҥ улахан ситиҺиилэри төрөтөр кыахтаах.

Оҕус 

Өрүү дьон  ортотугар, болҕомто киинигэр буолуоххун саныыгын. Ол эрээри дьон санаатын эккирэтэ сылдьан, дьиҥ баҕа санааларгын умнума

Игирэлэр   

Бүгүн кимиэхэ эрэ эн күүстээх санныҥ өйөбүл буолсу. Бэйэҕин туох да диэн кэрэнимэ, эрэбилгин ыҺыктыма. Биир сиргэ бүгэн олорбокко, саҥа үп киллэрэр сүүрэни толкуйдууруҥ ордук.

Рак 

Дьону кытта биир тылы буларыҥ бүгүн уустук соҕус буолуо. Тылгын-өскүн туттуна сырыттаххына, иирсээҥҥэ киириэн суоҕа. Күн иккис аҥаарыгар үчүгэй сонун санааҕын көтөҕүө.

Хахай 

Бүгүн дьон хараҕын далыгар, элбэх киҺи ортотугар сылдьыаҥ. Үлэҕэр сыҺыаннаах сэргэх этии киириэ, үп-харчы үрүйэ уутунуу сүүрүөн сөп.

Кыыс 

Өй уонна сүрэх мөккүөрэ хаҺан да бүппэт курдук. Саҥа быҺаарыныы ылынарга ыксаама. Барыта кэмигэр кэлиэҕэ. Ис туруккун сааҺылан, дьон харыс тылыгар кыҺаныма.

Ыйааһын 

Бүгүн күнүҥ таҺаарыылаахтык ааҺар чинчилээх. Былааннаабыккынааҕар элбэҕи оҥорор кыахтааххын. Аттыгар сүбэ-ама буолар дьон бааллар. КиэҺээҕин сэргэх сынньалаҥҥа анаа.

Скорпион 

Бу күн сүрүн болҕомтоҥ дьиэ кэргэҥҥэр анаа. Чугас киҺигин кытары инникини былаанныырга табыгастаах күн. Үлэҕэр тахсар харҕастары  биир идэлээхтэриҥ сүбэтинэн холкутук аҺарыаҥ.

Охчут 

Табыллар күнүҥ үүммүт. Саҥа дьыалаҕа ылсарга, эбэтэр урукку түбүктэргин  үмүрүтэргэ үчүгэй кэм. Чугас дьонуҥ, доҕотторуҥ соҺуччу үөрдүөхтэрин сөп.

Чубуку

Өскөтүн үчүгэйэ суох энергияны мунньуммут эбит буоллаххына  сэниэҕин үчүгэйи оҥорууга уур. Эбэтэр эккин-сииҥҥин эрчийэн тыыҥҥын таҺаар диэн сулустар сүбэлииллэр.

Күрүлгэн    

Бүгүн буола турар быҺыыны-майгыны бэйэҥ тускар эргитиэххин сөп. Араас эйгэҕэ ситиҺии кэлэр чинчилээх. Ыраах айанныырга. Саҥа билсиҺии олохтуурга үчүгэй күн.

Балыктар 

Түмүк дии санаабыт быҺыыҥ саҥа саҕалааҺыҥҥа олук ууруон сөп. Олоххор саҥа сүүрээн киирэригэр бэлэм буол. Кыра аацы долгуйбатаххына, барыта санаа хоту табыллыаҕа.

Бытантай уоттара

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар