Арассыыйаҕа былаах, Коми өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ.
1922 сыллаахха норуот хамыһаардарын Сэбиэтэ (Совнарком) оскуолаларга барытыгар саха тылын үөрэтии туһунан Уураах таһаарбыт.
2012 сыллаахха Арассыыйа аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр киирбит.
- ХНТ — Итэҕэллэриттэн эбэтэр тус санааларыттан сылтаан атаҕастанан суорума суолламмыттары ахтар күн
- Арассыыйа:
- Былаах күнэ
- Коми — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1663 — Алексей Михайлович ыраахтааҕы сымыйа манньыат кутааччылары ойохторун-оҕолорун кытта Сибииргэ төннүбэттии олохсута ыытар туһунан ыйаах таһаарбыт.
- 1795 — Францияҕа конвент III сыллаах Конституция диэни бигэргэппит, бу докумуон киһи барыта быыбарга кыттар быраабын аан бастаан кэрэһилээбит.
- 1864 — Бастакы Женева конвенцията түһэрсиллибит. Судаарыстыбалар сэриигэ бааһырбыт уонна ыалдьыбыт саллааттар уонна медиктэр көмүскэллээх буолуохтаахтарыгар сөбүлэспиттэр. Ону кытары Аан дойдутааҕы Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый хамсааһыннара тэриллибит.
- 1898 — Саха Сирин күбүрүнээтэрэ тойонугар Иркутскайга дьахтар прогимназиятын гимназияҕа кубулутар туһунан көрдөһүү суруйбут. Сотору буолан баран сөбүлэҥ бэриллибит.
- 1910 — Дьоппуон Кэриэйэни аннексиялаабыт. Бу оккупация кэмигэр Кэриэйэ экэниэмикэтэ сайдыбыта, дьон олоҕун уһуна 23,5 сылтан 43-кэ диэри уһаабыта, начаалынай үөрэҕирии киллэриллибитэ биллэр. Ол эрэн дьоппуоннар ассимиляция бэлиитикэтин ыыппыттара эмиэ биллэр, холобура, кэриэй дьонун дьопуоннуу аат ылыналларыгар күһэйбиттэр эбит. Оккупация 1945 сыллаахха түмүктэммит.
- 1918 — Поручик Гордеев быһылыктаах үрүҥ этэрээт Дьокуускай куоратын иккистээн ылбыт. Куоракка большевиктары уонна кинилэри өйөөччүлэри утары репрессиялар саҕаламмыттар. Репрессия кэмигэр 50-чэ киһи суута-сокуона суох ытыллыбыт, ону кытары элбэх киһи Иркутскайга ыытыллыбыттар: Былатыан Ойуунускай (Слепцов), Максим Аммосов, Исидор Барахов (Иванов), Степан Васильев, Дора Жиркова, К.С. Середкина, В.Д. Чаплинский, М.М. Виленская уо.д.а.
- 1921 — РСФСР иһинэн Коми (Зыряннар) автономиялаах уобаластара тэриллибит.
- 1922 — Норуот хамыһаардарын Сэбиэтэ (Совнарком) оскуолаларга барытыгар саха тылын үөрэтии туһунан Уураах таһаарбыт.
- 1989
- Литва өрөспүүбүлүкэни Сэбиэскэй Сойуус аннексиялаабытын сокуоннайа суоҕунан биллэрбит.
- Казаах тыла Казахстааҥҥа судаарыстыбаннай тыл буолбут.
- 2004 — Арассыыйаҕа льготаны монетизациялыыр (льгота оннугар харчы төлүүр) туһунан сокуон ылыллыбыт.
- 2008
- XXIX Олимпиадаҕа Ньурбаттан төрүттээх боксер Георгий Балакшин боруонса мэтээли ылбыт.
- Анголаҕа АЛРОСА Сауриму куорат аттыгар гидроэлектростанцияны арыйбыт. Бу ГЭС «Катокаҕа» алмаас хостонуутун түргэтэппитэ.
- 2011 — Дьокуускайга Сибиир, Уһук Илин куораттарын мээрдэрэ Япония Арҕаа Кытылын мээрдэрин кытта XXIII көрсүһүүлэрэ аһыллыбыт. Японияттан Хагодатэ, Акита, Юрихондзе, Ниигата, Цубамэ, Дзеэцу, Тояма, Такаока, Цуруга, Майдзуру, Арассыыйаттан Хабаровскай, Биробиджан, Благовещенскай, Камчааткатааҕы-Петропавловскай, Находка, Соҕуруу Сахалинскай, Улан-Удэ уонна Владивосток куораттар бэрэстэбиитэллэрэ кэлбиттэр. Туризм уонна көлө сайдыытын туһунан кэпсэппиттэр.
- 2012 — Арассыыйа Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр киирбит.
Төрөөбүттэр:
- 1874 — Макс Шелер — ниэмэс идеалист—бөлүөһүөгэ, аксиологияны, билии-көрүү социологиятын уонна философия антропологиятын туспа дисциплина быһыытынан төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1904 — Дэн Сяопин — кытай бэлиитигэ уонна реформатора, Кытай Хомуньуус Баартыйатын диэйэтэлэ, 1970-с уонна 1980-с сылларга дойду дьиҥнээх салайааччыта. Кини салайыытынан Кытай экэниэмикэтэ балысхан сайдыы суолугар турбута.
- 1934 — Василий Яковлев (22.08.1934—26.01.1994) — бэйиэт, суруйааччы, тылбаасчыт. Кини «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» кэпсээнинэн аан дойдуга аатырбыт «Тойон кыыл» киинэ уһуллубута.
Өлбүттэр:
- 1966 — түҥ былыргы пранострат тылы сөргүппүт лингвист Владислав Иллич-Свитыч өлбүт (1934 төр.). Бу сабаҕалааһын быһыытынан баар буола сылдьыбыт тылтан аныгы алтаай, картвел, дравид, индоевропа, ураал кэргэттэригэр киирэр тыллар (ол иһигэр саха тыла) үөскээбиттэр диэн буолар. Бу түөрүйэни үгүс тыл үөрэхтээҕэ өйөөбөт.
- 1991 — ССРС ис дьыалатын миниистирэ Борис Пуго бэйэтигэр тиийинэн өлбүт (1937 төр.). Кини ССРС-ка былааһы күүс өттүнэн ыла сатаабыт ГКЧП чилиэннэриттэн биирдэстэрэ этэ.
- 1993 — Динмухамед Кунаев (1912 төр.), Казаах ССР КК бастакы сэкиритээрэ (1960—1962, 1964—1986).
This post was published on 22.08.2021 09:02 09:02