Атырдьах ыйын 22 күнэ. Арассыыйаҕа былаах күнэ - Бикипиэдьийэ

Бүгүн Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнэ. Бэлиэ күн 1994 с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр олохтоммут. Былаах хас биирдии өҥө туспа суолталаах: маҥан – ыраас санааны, халлаан күөҕэ – чиэһинэй уонна эрэллээх буолууну, кыһыл өҥ – хорсун, эрдээх санааны, итиэннэ Аҕа дойду иһин тохтубут хааны дьүһүйэллэр.

Бүгүн бибилэтиэкэлэргэ, мусуойдарга аһаҕас аан күннэрэ, онлайн быыстапкалар, викториналар тэриллиэхтэрэ. Дьокуускай уулуссаларынан автопробег ыытыллыа, Дьокуускайга, улуус кииннэригэр, нэһилиэктэргэ Арассыыйа былаахтара күөрэччи көтөҕүллүөхтэрэ, «Триколор» аахсыйа дьону сомоҕолуо. Бырааһынньык күн киэһэ Дьокуускай телебашнята судаарыстыбаннай былаах өҥнөрүнэн умайыа.


Бэлиэ күннэр:

Арассыыйаҕа былаах күнэ

Түбэлтэлэр:

  • 1864 — Бастакы Женева конвенцията түһэрсиллибит. Судаарыстыбалар сэриигэ бааһырбыт уонна ыалдьыбыт саллааттар уонна медиктэр көмүскэллээх буолуохтаахтарыгар сөбүлэспиттэр. Ону кытары Аан дойдутааҕы Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый хамсааһыннара тэриллибит.
  • 1898 — Саха Сирин күбүрүнээтэрэ тойонугар Иркутскайга дьахтар прогимназиятын гимназияҕа кубулутар туһунан көрдөһүү суруйбут. Сотору буолан баран сөбүлэҥ бэриллибит.
  • 1910 — Дьоппуон Кэриэйэни аннексиялаабыт. Бу оккупация кэмигэр Кэриэйэ экэниэмикэтэ сайдыбыта, дьон олоҕун уһуна 23,5 сылтан 43-кэ диэри уһаабыта, начаалынай үөрэҕирии киллэриллибитэ биллэр. Ол эрэн дьоппуоннар ассимиляция бэлиитикэтин ыыппыттара эмиэ биллэр, холобура, кэриэй дьонун дьопуоннуу аат ылыналларыгар күһэйбиттэр эбит. Оккупация 1945 сыллаахха түмүктэммит.
  • 1918 — Поручик Гордеев быһылыктаах үрүҥ этэрээт Дьокуускай куоратын иккистээн ылбыт. Куоракка большевиктары уонна кинилэри өйөөччүлэри утары репрессиялар саҕаламмыттар. Репрессия кэмигэр 50-чэ киһи суута-сокуона суох ытыллыбыт, ону кытары элбэх киһи Иркутскайга ыытыллыбыттар: Былатыан Ойуунускай (Слепцов), Максим АммосовИсидор Барахов (Иванов), Степан ВасильевДора Жиркова, К.С. Середкина, В.Д. Чаплинский, М.М. Виленская уо.д.а.
  • 2012 — Арассыыйа Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр киирбит.

Төрөөбүттэр:

Туһаныллыбыт сигэлэр http://edersaas.ru/b-g-n-arassyyja-bylaa-yn-k-ne/

This post was published on 22.08.2020 09:04 09:04