Атырдьах ыйын 21 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 233-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 234-c күнэ). Сыл бүтүө 132 күн баар. 1954 сыллаахха Саха сиригэр Далдын үрэҕэр бастакы кимберлиит туруупката көстүбүт. «Зарница» диэн ааттаммыт кимберлит туруупкатын геолог Лариса Попугаева уонна сирдьит Федор Беликов булбуттара. 1986 сыллаахха Дьамайка чэпчэки атлетикаҕа спортсмена, кылгас кэрчиктээх сүүрүүгэ идэтийэр, Олимпиада алта, аан дойду 11 төгүллээх чөмпүйүөнэ, кылгас дистанцияҕа сүүрүүгэ аан дойду 8 рекордун олохтообут Усейн Болт төрөөбүт. 1998 сыллаахха Оҕо уонна ийэ харыстабылын киинин Педиатрия клиниката бастакы кырачаан пациеннары көрбүт.
Түбэлтэлэр:
- 1192 — Дьоппуоҥҥа былааһы сёгун, ол аата главнокомандующай, ылбыт, оттон импэрээтэр аатыгар эрэ дойду баһылыгынан хаалбыт. Маннык бэрээдэк 7 үйэ тухары XIX үйэ ортотугар диэри салҕаммыта.
- 1770 — Айанньыт Джеймс Кук Австралия илин өттүн Улуу Британия сиринэн биллэрбит. Кэлин 1828 сыллаахха Улуу Британия бу континены барытын бэйэтин бас билиитигэр ылбыта.
- 1898 — Дьокуускайга үөрүүлээх быһыыга-майгыга норуот бибилэтиэкэтэ аһыллыбыт. Бу бибилэтиэкэни Василий Никифоров — Күлүмнүүр тэрийбит.
- 1918 — Бүлүүгэ күрэммит кыһыллар сорохторо төннөн кэлэн Дьокуускай куоратын соһуччу кыргыһыыта суох ылбыттар. Үрүҥнэр Табаҕаҕа куоппуттар.
- 1920 — Сибревком уурааҕынан Саха уобалаһа сөргүтүллүбүт. Бу иннинэ муус устар 20 күнүгэр Саха сирэ Иркутскай губерния оройуона буолбута.
- 1954 — Саха сиригэр Далдын үрэҕэр бастакы кимберлиит туруупката көстүбүт. Бу «Зарница» диэн ааттаммыт кимберлит туруупкатын геолог Лариса Попугаева уонна сирдьит Федор Беликов булбуттара.
- 1968 — Чехословакия демократия өттүгэр охтон эрэрин тохтотоору бу дойдуга Варшава Дуогабарын сэриилэрэ киллэриллибиттэр.
- 1991 — Атырдьах ыйынааҕы путч: ГКЧП былааһы күүс өттүнэн былдьыыр сорунуута таҥнастыбыт. Былаас союзнай өрөспүүбүлүкэлэргэ көспүт, ССРС букатыннаахтык ыһыллар суолга барбыт.
- 1992 — Дьокуускайга Латвияттан официальнай дэлэгээссийэ кэлбит.
- 1998 — Оҕо уонна ийэ харыстабылын киинин Педиатрия клиниката бастакы кырачаан пациеннары көрбүт.
Төрөөбүттэр:
- 1962 — Людмила Винокурова — устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1986 — Усейн Болт — Дьамайка чэпчэки атлетикаҕа спортсмена, кылгас кэрчиктээх сүүрүүгэ идэтийэр, Олимпиада алта, аан дойду 11 төгүллээх чөмпүйүөнэ. Кылгас дистанцияҕа сүүрүүгэ аан дойду 8 рекордун олохтообут.
Өлбүттэр:
- 1940 — Лев Троцкай (дьиҥнээх араспаанньата Бронштейн) — аан дойду коммунистическай революционнай хамсааһынан диэйэтэлэ, марксист, марксизм биир салаатын саҕалааччыта (троцкизм).
- 1966 — Михаил Лукин (01.12.1929 төр.) — саха живописеһа, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1998 — Юрий Чертов — Саха сиригэр айбыт-туппут нуучча суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ. Арассыыйа суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.
This post was published on 21.08.2020 09:01 09:01