Атырдьах ыйын 20 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 232-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 233-c күнэ). Сыл бүтүө 133 күн баар. 1858 сыллаахха Чарлз Дарвин саҥа арыйбыт эволюциятын түөрүйэтин сурунаалга бэчээттэппит. Бу күн Саха сирин биллиилээх суруналыыстара, өр кэмҥэ «Якутия» хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээбит Эдуард Рыбаковскай уонна РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, бэйиэт уонна прозаик, «Геван» устуудьуйаны төрүттээбит Степан Дадаскинов күн сирин көрбүттэр. 1991 сыллаахха Москубаҕа 100 тыһыынчаттан тахса киһи ГКЧП-ны утаран мииттиҥҥэ мустубуттар. Атырдьах ыйынааҕы путч ССКП былааһа тохтууругар уонна СССР суох буолуутугар тиэрдибитэ. Бу уонна да атын түбэлтэлэри Бикипиэдьийэ санатар.
Бэлиэ күннэр:
- Венгрия — Венгрия судаарыстыбатын төрүттээччи Стефан I (Иштван) күнэ.
- Марокко — Өрөбөлүүссүйэ күнэ.
- Сенегал — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Эстония — Тутулуга суох буолуу сөргүтүллүбүт күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 636 — Ярмук кыргыһыытыгар араабтар бэйэлэринээҕэр икки төгүл элбэх ахсааннаах Византия аармыйатын кыайбыттар. Мантан ыла мусульманнар Аравия таһыгар киэҥ сирдэри сэриилээн ылыылара саҕаланар.
- 1741 — капитан-командор Витус Беринг Алясканы арыйбыт.
- 1794 — Арассыыйаны уонна Пруссияны утары Костюшко өрө туруута: Великопольшатааҕы өрө туруу саҕаламмыт.
- 1858 — Чарлз Дарвин саҥа арыйбыт Эволюциятын түөрүйэтин сурунаалга бэчээттэппит.
- 1905 — Токиоҕа Кытай революционера Сунь Ятсен маньчжурдары былаастан үүрэр уонна өрөспүүбүлүкэ олохтуур сыаллаах «Тунмэнхой» диэн кистэлэҥ уопсастыба тэрийбит. «Тунмэнхой» 1911—1912 сыллардааҕы Синьхай өрөбөлүүссүйэтин сүрүннээн оҥорбута уонна сыалларын ситиспитэ.
- 1991 — Атырдьах ыйынааҕы путч: Москубаҕа 100 тыһыынчаттан тахса киһи ГКЧП-ны утаран мииттиҥҥэ мустубуттар.
Төрөөбүттэр:
- 1927 — Эдуард Рыбаковскай (18.07.2010 өлб.) — биллиилээх суруналыыс, 1991-2002 сс. «Якутия» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ.
- 1933 — Степан Дадаскинов (2011 с. өлб.) — РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, суруналыыс, бэйиэт уонна прозаик. Эдэр сылдьан биэксэллээбитэ. Араадьыйаҕа уонна тэлэбиидэнньэҕэ үлэлиир кэмигэр «Геван» устуудьуйаны төрүттээбитэ.
- 1936 — Иван Константинов (26.03.1977 өлб.) — устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха сирин былыргытын чинчийбит археолог.
Өлбүттэр:
- 2002 — Михаил Кочнев — Саха АССР олоххо-дьаһахха миниистирэ (1983—1987), өр сылларга Алдан улууһун уонна Нерюнгри куоратын салайбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
This post was published on 20.08.2020 09:05 09:05