Атырдьах ыйын 14 күнүттэн спортивнай былаһааккалар, стадионнар, фитнес-кулууптар, тренажернай саалалар аһылыннылар

Атырдьах ыйын 14 күнүттэн таһырдьатааҕы спортивнай былаһааккалар, стадионнар, фитнес-кулууптар, тренажернай саалалар аһыллалларын туһунан Ил Дархан ыйаах таһаарбыта. Маныаха дьарыктанааччылар бэйэ-бэйэлэриттэн 4 миэтэрэ тэйиччи тураллара ирдэнэр.


Физическэй култуура уонна спорт миниистирин э.т. Семен Чердонов спортивнай эбийиэктэргэ ирдэбил быһыытынан илиини дезинфекциялиир санитайзердар баар буолуохтарын, киириигэ температураны кэмниэхтэрин, салгыны, спортивнай инвентары ыраастыахтарын, бэйэ бэйэттэн 4 миэтэрэ тэйиччи туран дьарыктаныахтарын, үлэһиттэр мааскалаах, бэрчэккэлээх үлэлииллэрин эттэ.

«Министиэристибэ эбийиэктэриттэн стадионнар уонна тренажернай саалалаах спорт дьиэлэрэ үлэлиэхтэрэ. Бассейннар уонна спортивнай секциялар үлэлэрэ анал дьаһал тахсыар диэри тохтотуллан тураллар», — диэтэ кини. 

This post was published on 14.08.2020 12:04 12:04