Атырдьах ыйын 11 күнэ. Шереметьево аэропорт аһыллыбыт - Бикипиэдьийэ

1949 сыллаахха Бүлүү партиятын геологтара бастакы алмааһы булбуттарын туһунан сонун тарҕаммыт.

1959 сыллаахха Москубаҕа Шереметьево аэропорт аһыллыбыт — билиҥҥи туругунан Арассыыйа саамай элбэх пассажирдаах аэропорда.

1962 сыллаахха «Восток-3» космическай хараабыл көппүт.

1994 сыллаахха Фидель Кастро Куубаттан тас дойдуларга тахсыыга хааччахтааһыны көтүрбүт.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1378 — Рязань сиригэр Вожа өрүс үрдүгэр нуучча сэриитэ мурза Бегич салалталаах монгуол сэриитин кыайбыт. Бу 140 сыл иһигэр нууччалар монгуоллар утары бастакы бөдөҥ өрө туруулара этэ. Нууччалары Москуба кинээһэ Дмитрий Иванович (икки сыл буолан баран Куликовотааҕы кыргыһыы кэнниттэн Донской диэн аатынан биллибитэ) салайбыта. Ол эрээри Нуучча улууһа бу да кыайыылар кэннилэриттэн Монгуол судаарыстыбатыттан тахсыбатаҕа, өссө биир үйэ түһээн төлүү олорбута.
  • 1597 — Германия Англияҕа дьону атыылыырын тохтоппут.
  • 1774 — Емельян Пугачев крепостной бааһынайдары босхолуур туһунан манифеһа Пензаҕа ааҕыллыбыт.
  • 1803 — Арассыыйа дьаһалталарынан араарыы реформатын чэрчитинэн Саха сиригэр (ол саҕана Иркутскай күбүөрүнэтин Саха уйуоһа) сэттэ комиссарство тэриллибит: Амма, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Зашиверскай, Өлүөхүмэ, Орто Халыма уонна Үт.
  • 1918 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Амьен кыргыһыыта түмүктэммит.
  • 1921 — Совнарком Экэниэмикэҕэ саҥа бэлиитикэ (НЭП) туһунан докуомуону бэчээккэ таһаарбыт. Саҥа экэниэмикэҕэ көһүү туһунан быһаарыныы саас кулун тутарга буолбут РКП(б) сийиэһигэр ылыныллыбыт, бу иннинэ барбыт дойдуну дириҥ кириисискэ киллэрбит байыаннай коммунизм бэлиитикэтин солбуйбута.
  • 1922 — Саха сирин баартыйатын уобаластааҕы пленумун бюротугар «повстанчествоҕа» кыттыбыттарга, ону тэҥэ «кыһыл бандьыыттааһыҥҥа» буруйдаммыт дьоҥҥо миэрэ ылар туһунан боппуруос көрүллүбүт. Бу саҥа былаас олохтоохтору бэйэтигэр тардар тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ этэ.
  • 1946 — Дьокуускайга доруобуйа үлэһиттэрин 6-с сийиэһэ саҕаламмыт. Миниистир Любимов ыыппыт.
  • 1949 — Бүлүү партиятын геологтара бастакы алмааһы булбуттарын туһунан сонун тарҕаммыт. Ыйааһына 0,5 г эбит.
  • 1958 — Дьокуускайга Саха АССР производительнай күүстэрин сайыннарыы туһунан мунньах аһыллыбыт.
  • 1959 — Москубаҕа Шереметьево аэропорт аһыллыбыт — билиҥҥи туругунан Арассыыйа саамай элбэх пассажирдаах аэропорда.
  • 1962 — «Восток-3» космическай хараабыл көппүт. Космонавт Андриан Николаев кириэһилэтиттэн тэйэн микрогравитацияҕа дайа көппүт бастакы киһи буолбут.
  • 1966 — Ньурбаттан төрүттээх Михаил Алексеевка (15.02.1928—2001) Саха АССР «Якутстрой» трест 3 №-дээх СМУ комплекснай биригээдэтин биригэдьииригэр Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
  • 1972 — Вьетнам сэриитэ бүтүүтүн саҕана АХШ аармыйатын бүтэһик чаастара Соҕуруу Вьетнамтан барбыттар.
  • 1994 — Фидель Кастро Куубаттан тас дойдуларга тахсыыга хааччахтааһыны көтүрбүт. Онтон сылтаан атырдьах ыйын бүтүүтүн диэки 20 тыһыынча киһи Куубаттан көһөн барбыт.
  • 2003 — Афганистааҥҥа аан дойду эйэни олохтуур сэриилэрин НАТО салайар буолбут.

Төрөөбүттэр:

  • 1950 — Стив Возняк, Apple фирманы төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.

Өлбүттэр:

This post was published on 11.08.2021 09:01 09:01